Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 17:4 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

4 Мин сиргэ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрдүм, Эн соруйуугун толордум.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 17:4
13 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Эһиэхэ этэбин: Суруйууларга „Кинини хара дьайдаахтарга тэҥнээбиттэрэ“ диэн Мин туспунан этиллибит туолуох тустаах. Мин туспунан суруллубута барыта туолан эрэр».


Аҕаа! Бэйэҥ ааккын албан аатырт». Маны эппитигэр халлаантан: «Албан аатыртым, өссө даҕаны албан аатырдыам!» – диир саҥа иһиллибитэ.


Итиэннэ Мин ааппын ааттаан туран, Аҕабыттан тугу баҕарар көрдөстөххүтүнэ, Мин – Аҕа Уолунан албан аатырарын туһугар – эһиги көрдөспүккүтүн толоруом.


Ол эрээри бу аан дойду Аҕабын таптыырбын билэрин туһугар, Мин Аҕам Миэхэ тугу соруйбутун толоробун: туруҥ, мантан барыаҕыҥ.


Мин Аҕам ыйбытын толороммун Кини тапталыгар олорорум курдук, эһиги эмиэ Мин ыйбыппын толордоххутуна, Мин тапталбар олоруоххут.


Бу кэнниттэн Иисус барыта хайыы-үйэ туолбутун билэр буолан, Суруйууларга этиллибит ситэрин туһугар: «Утаттым», – диэбитэ.


Иисус уксууһу амсайан баран: «Туолла!» – диэбитэ. Уонна төбөтүн хоҥкутан, тыынын Таҥараҕа биэрбитэ.


Иисус эппитэ: «Мин аһылыгым Миигин Ыытааччы көҥүлүн толоруу уонна Кини үлэтин ситэрии буолар.


Оттон Миэхэ Иоантан ордук улахан туоһу баар: Аҕам Миэхэ оҥорторо биэрбит дьайыылара, Мин тугу оҥорорум – ол барыта Миигин Аҕам ыыппытын туоһулуур.


«Бэйэтин да, төрөппүттэрин да аньыыларыттан буолбатах, – диэбитэ Иисус. – Кини, Таҥара күүһэ кини олоҕор көстөрүн туһугар, хараҕа суох буолбут.


Ол эрээри мин туохтан да торуттан турбаппын, олохпун да биэрэрбин кэрэйбэппин. Биэтэккэ эрэ тиийдэрбин, Айыы Тойон Иисустан ылбыт сулууспабын толорон, Таҥара илгэлээх үтүөтүн туһунан Евангелиены иһитиннэрдэрбин диэн эрэ баҕалаахпын!


үтүө туруулаһыынан туруулаһан, сүүрэр түһүмэхпин түмүктээн, биэтэккэ таҕыстым, итэҕэлбин энчирэппэтим.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ