Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 17:26 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

26 Мин кинилэр сүрэхтэригэр баарым курдук, Эн Миигин таптаабыт тапталыҥ эмиэ кинилэр сүрэхтэригэр баар буоларын туһугар, Мин кинилэргэ Эн ааккын арыйбытым уонна арыйыам даҕаны».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 17:26
28 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Ол күн эһиги Мин Аҕабар, эһиги Миэхэ, Мин эһиэхэ баарбын билиэххит.


Иисус киниэхэ эппитэ: «Миигин таптыыр киһи Мин этэр тылбын толоруоҕа. Аҕам эмиэ кинини таптыаҕа, оччоҕо Биһиги бииргэ кэлэммит, киниэхэ дьиэлэниэхпит.


Тойоно тугу гынарын кулута билбэт, онон аны эһигини кулуттарым диэбэппин, Мин, Аҕабыттан тугу истибиппин барытын эһиэхэ эппит буолан, эһигини доҕотторум диэтим.


Эһиги Миэхэ буолуҥ, Мин эмиэ эһиэхэ буолуом. Лабаа умнаска буолбатаҕына, бэйэтэ астамматын курдук, эһиги Миэхэ буолбатаххытына, эмиэ кураанах буолуоххут.


Аҕам Миигин таптаабытын курдук, Мин эмиэ эһигини таптаабытым: эһиги Мин тапталбар олоруҥ.


Мин кинилэргэ баарбын, Эн Миэхэ бааргын; кинилэр эмиэ эҥкилэ суох биир сомоҕо буоллуннар; Эн Миигин ыыппыккын, итиэннэ Миигин таптыырыҥ курдук, кинилэри таптыыргын бу аан дойду билиэхтин.


Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар.


Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.


Мин Эппин сиир, Мин Хааммын иһэр киһи Миигин кытта биир буолар, Мин эмиэ кинини кытта бииргэбин.


Ол эрээри Мин Бэйэбэр албан ааты көрдөөбөппүн: Көрдөөччү уонна Дьүүллээччи Атын.


Өскөтүн Христос эһиги сүрэххитигэр баар буоллаҕына, төһө да эккит-сииҥҥит аньыы содулуттан өлөр оҥоһууламмытын иһин, Таҥараны кытта эйэлэһэҥҥит дууһаҕыт тыыннаах.


Таҥара биһигини Христос Иисустуун биир гынан, Христос биһиги муудараспыт буолбута, биһигини буруйтан быыһаабыта, Бэйэтигэр анаммыт сибэтиэй дьон гынан толуйан ылбыта.


Холобур, киһини ылан көрүөҕүҥ. Киһи соҕотох гынан баран, миэстэлэрэ элбэх; биир эт-сиин миэстэлэрэ, төһө да элбэхтэрин иһин, бары биир эт-сиин буолаллар, – Христос эмиэ оннук.


онон аны мин суохпун, арай мин сүрэхпэр Христос баар; оттон бу сирдээҕи олохпун миигин таптаабыт, мин туспар толук буолбут Таҥара Уолугар итэҕэлбинэн олоробун.


Онон килбиэннээх үтүөтүн – Тапталлаах Уолунан биһиэхэ биэрбит бэлэҕин иһин Таҥараны айхаллыаҕыҥ.


Христос итэҕэл аанынан киирэн сүрэххитигэр олохсуйарын, эһиги тапталтан силис тардан, тапталга тирэҕирэн,


тоҕо диэтэххэ, биһиги Кини Этэ-сиинэ – этиттэн этэ, уҥуоҕуттан уҥуоҕа буолабыт.


Бу – улуу кистэлэҥ; мин Христоска уонна Сиэркэпкэ сыһыаннаан этэбин.


Кини бу кистэлэҥҥэ хайдах курдук килбиэннээх баай бары норуоттарга ананан сылдьарын Бэйэтин сибэтиэй дьонугар арыйыан баҕарбыта. Оттон бу баай кылаат – эһиги сүрэххитигэр баар Христос, эһиги кэнэҕэс килбиэннээх албан ааты үллэстэр эрэлгит.


онон эһиги эмиэ Кинилиин – бары дьаһалта, бары былаас Баһылыгыныын – холбоһоҥҥут, дьиҥ толору олохтоммуккут.


Аны манна грек, иудей, быһыллыбыт-быһыллыбатах, варвар, скиф, кулут, көҥүл буолуу туох да суолтата суох, арай Христос эрэ суолталаах, Христос барытыгар баар.


Айыы Тойоммут Иисус Христос уонна биһигини таптаан, илгэлээх үтүөтүнэн хаһан да ааспат уоскулаҥы, үтүө эрэли биэрбит Таҥара, биһиги Аҕабыт,


«Бырааттарбар Эн ааккын иһитиннэриэм, кинилэр түмсүүлэригэр киирэн Эйигин туойуом».


Кини кэриэһинэн олорор киһи Кинини кытта биир буолар, кини сүрэҕэр Таҥара баар. Оттон Таҥара биһиги сүрэхпитигэр баарын Кини биһиэхэ биэрбит Тыыныттан билэбит.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ