Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 17:22 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

22 Эн Биһикки биирбит курдук кинилэр эмиэ биир буолалларын туһугар, Эн Миэхэ биэрбит килбиэҥҥин Мин кинилэргэ биэрдим.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 17:22
23 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Онтон Уон Иккиэлэрин ыҥыран ылан иккилии гынан, Евангелиены биллэртэрэ ыыталаан барбыта; баралларыгар быртах тыыннары үүрэн таһаартыыр былааһы биэрбитэ;


Мин Саарыстыбабар эһиги Миигинниин биир остуолга аһыаххыт, бүрүстүөлгэ олорон Израиль уон икки аҕатын ууһун дьүүллүөххүт».


Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.


Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүө баайтан биһиги бары бииртэн биир алгыһы ылбыппыт.


Ол күн эһиги Мин Аҕабар, эһиги Миэхэ, Мин эһиэхэ баарбын билиэххит.


Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр.


Апостоллар, Айыы Тойон Иисус аатын иһин кыһарыллар дьолго тиксибиттэриттэн үөрэн-көтөн, синедрионтан тахсан барбыттара.


Онон Кини кими анаабытын ыҥырбыта, кими ыҥырбытын буруйтан быыһаабыта, оттон буруйтан быыһаабыт дьонун албан аатырдыбыта.


Биһиги бука бары сирэйбитин саптыбакка эрэ, Айыы Тойон кэрэмэн килбиэнин сиэркилэҕэ көрөр курдук көрөн, килбиэнтэн килбиэҥҥэ ыттан, улам Киниэхэ маарыннаан иһэбит. Бу барыта Айыы Тойон Тыынын дьайыыта буолар.


Онон биһиги Христос аатыттан толору боломуочуйалаах илдьиттэр буолабыт, биһиги уоспутунан Таҥара Бэйэтэ бар дьону ылыннарыылаахтык ыҥырар; ол иһин биһиги «Таҥараны кытары эйэлэһиҥ» диэн Христос аатынан көрдөһөбүт.


Биһиги, Таҥара үлэтин толорсор дьон, Киниттэн бэлэх ылбыт илгэлээх үтүөҕүтүн халтайга хаалларымаҥ диэн, эһигиттэн көрдөһөбүт.


эһиги эмиэ Апостоллар уонна пророктар түһэрбит акылааттарыттан үүнэн тахсыбыккыт, муннуккут тутаах тааһа эмиэ Иисус Христос Бэйэтинэн буолар.


Христос туһугар эһиэхэ Кинини итэҕэйэр эрэ кыах буолбакка, Кини туһугар эрэйдэнэр кыах эмиэ бэриллибитэ.


Билигин эһиги тускутугар эрэйи көрөрбүттэн үөрэбин эрэ: мин Христос көрсүбүт эрэйин эппинэн-хааммынан билэммин, Кини Этэ-сиинэ буолар Сиэркэп туһугар тулуйуллуохтаах эрэй-муҥ ситэ илик мээрэйин толорон биэрэбин.


Эһиги биһигинниин бодоруһаргыт туһугар, биһиги тугу көрбүппүтүн-истибиппитин эһиэхэ иһитиннэрэбит, оттон биһиги Аҕалыын уонна Кини Уола Иисус Христостуун бодоруһабыт.


Кини кэриэһинэн олорор киһи Кинини кытта биир буолар, кини сүрэҕэр Таҥара баар. Оттон Таҥара биһиги сүрэхпитигэр баарын Кини биһиэхэ биэрбит Тыыныттан билэбит.


Таптал биһиги сүрэхпитигэр оннук ситэн-хотон, биһиги бу дойдуга, Кини олорбутун курдук олорор буоламмыт, Дьүүл Күнүн бигэ эрэмньилээх көрсөр кыахтаахпыт.


Истиэнэтэ уон икки акылаат үрдүгэр тутуллубут этэ, хас биирдии акылаакка Бараан Оҕотун уон икки Апостолларын ааттара суруллан турара.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ