Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 17:21 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

21 бары биир буоллуннар, Аҕаа, Эн Миэхэ, Мин Эйиэхэ баарым курдук, кинилэр эмиэ Биһиэхэ биир сомоҕо буоллуннар – Эн Миигин ыыппыккын аан дойду итэҕэйиэхтин.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 17:21
37 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Ханнык да саарыстыба икки аҥыы хайыннаҕына, саарыстыба буолар кыаҕа суох;


Миэхэ атын барааннар эмиэ бааллар, ол гынан баран билигин бу тиэргэҥҥэ кинилэр суохтар, Мин олорбун эмиэ аҕалыахтаахпын. Кинилэр саҥабын истиэхтэрэ, оччоҕо барыта биир үөр, биир Маныыһыт буолуо.


Аҕам биһикки – биирбит».


оттон оҥорор буоллахпына, Миигин да итэҕэйбэтэххит иһин, саатар, оҥорор дьайыыларбын итэҕэйиҥ. Оччоҕо эһиги Аҕам Миэхэ баарын, Мин Аҕабар баарбын билиэххит даҕаны, итэҕэйиэххит даҕаны».


Эн Миигин өрүү истэргин билэбин эрээри, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйэллэрин туһугар, бу турар дьоҥҥо анаан маны эттим».


Таҥара кэрэмэн килбиэнин Кини көрдөрбүт эбит буоллаҕына, бэрт сотору Таҥара эмиэ Кини килбиэнин көрдөрүөҕэ.


Бэйэҕит икки ардыгытыгар таптал баар буоллаҕына, оччоҕо эһиги Мин үөрэнээччилэрим буоларгытын бары билиэхтэрэ».


Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа.


Эн Миигин бу дойдуга ыыппытыҥ курдук, Мин эмиэ кинилэри бу дойдуга ыыттым.


Мин кинилэр тустарыгар эрэ буолбатах, кинилэртэн истэн Миигин итэҕэйээччилэр тустарыгар эмиэ көрдөһөбүн;


Кырдьыктаах Аҕаа! Бу аан дойду Эйигин билбэтэх; оттон Мин Эйигин билэбин, кинилэр эмиэ Эн Миигин ыыппыккын биллилэр.


Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.


Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.


Таҥара Уолун аан дойдуну дьүүллэтэ ыыппатаҕа, аан дойду Кининэн быыһанарын туһугар ыыппыта.


Хас күн аайы биир санаанан Таҥара Дьиэтигэр сылдьаллара, дьиэлэригэр түмсэн килиэп тоһутан, Таҥараны айхаллаан туран истиҥник үөрэ-көтө аһыыллара. Бар дьон кинилэри таптыыра, оттон Айыы Тойон Сиэркэпкэ саҥаттан саҥа быыһанааччылары күннэтэ аҕалан ахсааннарын эбэн иһэрэ.


Итэҕэли ылыммыттар бары биир сүрэхтээхтэрэ, биир дууһалаахтара; ким да бэйэтин бас билиитин бэйэм эрэ киэнэ диэбэккэ, барытын бииргэ бас билэн олорбуттара.


биһиги эмиэ элбэх да буолларбыт, Христостуун холбоһоммут бука бары биир Эт-сиин буолабыт, оттон тус-туһунан ыллахха, бары биир Эт-сиин сорҕолорунабыт.


Бырааттарыам, Айыы Тойоммут Иисус Христос аатынан эһигиттэн көрдөһөбүн: бука бары сүбэҕитин түмэн биири этэр буолуҥ, бэйэ-бэйэҕит икки ардыгар ханнык да хайдыһыы ончу суох буоллун, бары биир тыынынан, биир санаанан сомоҕолоһуҥ.


Холобур, киһини ылан көрүөҕүҥ. Киһи соҕотох гынан баран, миэстэлэрэ элбэх; биир эт-сиин миэстэлэрэ, төһө да элбэхтэрин иһин, бары биир эт-сиин буолаллар, – Христос эмиэ оннук.


Ол курдук эмиэ Айыы Тойону кытта холбоһооччу Айыы Тойоннуун биир тыын буолар.


Аны иудей, атын омук, кулут, көҥүл киһи, эр киһи, дьахтар диэн суох: Христос Иисуһу итэҕэйэҥҥит эһиги бука бары биир сомоҕо буоллугут.


Доҕотторуом, Христос Евангелиетыгар толору эппиэттиир олохтоох эрэ буолларгыт! Оччоҕо мин эһиэхэ кэллэхпинэ (кэлбэтэхпинэ да, истиэм) эһиги бары биир тыынынан халбаҥнаабакка тураргытын, бары биир санаанан Евангелиеҕа итэҕэл иһин туруулаһаргытын,


Эһиги биһигинниин бодоруһаргыт туһугар, биһиги тугу көрбүппүтүн-истибиппитин эһиэхэ иһитиннэрэбит, оттон биһиги Аҕалыын уонна Кини Уола Иисус Христостуун бодоруһабыт.


Халлааҥҥа үс туоһу баар: Аҕа, Тыл, Сибэтиэй Тыын. Бу Үс биир сомоҕолор.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ