18 Эн Миигин бу дойдуга ыыппытыҥ курдук, Мин эмиэ кинилэри бу дойдуга ыыттым.
Бу уон икки киһини Иисус маннык ыйан-кэрдэн ыыппыта: «Атын омуктар суолларынан барымаҥ, Самария куоратыгар кииримэҥ,
Истиҥ! Мин эһиэхэ пророктары, муударай өйдөөхтөрү, үөрэтээччилэри ыыталыыбын; кинилэри сорохторун эһиги өлөртүөххүт, кириэскэ тиириэххит, сорохторун синагогаларга кырбыаххыт, куораттан куоракка үүрүөххүт.
бары биир буоллуннар, Аҕаа, Эн Миэхэ, Мин Эйиэхэ баарым курдук, кинилэр эмиэ Биһиэхэ биир сомоҕо буоллуннар – Эн Миигин ыыппыккын аан дойду итэҕэйиэхтин.
Мин кинилэргэ баарбын, Эн Миэхэ бааргын; кинилэр эмиэ эҥкилэ суох биир сомоҕо буоллуннар; Эн Миигин ыыппыккын, итиэннэ Миигин таптыырыҥ курдук, кинилэри таптыыргын бу аан дойду билиэхтин.
Кырдьыктаах Аҕаа! Бу аан дойду Эйигин билбэтэх; оттон Мин Эйигин билэбин, кинилэр эмиэ Эн Миигин ыыппыккын биллилэр.
Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.
Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.
«Эһиэхэ эйэ буоллун! – диэбитэ Иисус иккиһин. – Аҕам Миигин ыыппытын курдук, Мин эмиэ эһигини ыытабын».
Таҥара Уолун аан дойдуну дьүүллэтэ ыыппатаҕа, аан дойду Кининэн быыһанарын туһугар ыыппыта.
Мин эһигини бэйэҕит эрэйдэнэн үүннэрбэтэххитин быстара ыыттым: онно атыттар үлэлээбиттэрэ, оттон эһиги кинилэр үлэлэрин түмүгүн үллэстэҕит».
Онон биһиги Христос аатыттан толору боломуочуйалаах илдьиттэр буолабыт, биһиги уоспутунан Таҥара Бэйэтэ бар дьону ылыннарыылаахтык ыҥырар; ол иһин биһиги «Таҥараны кытары эйэлэһиҥ» диэн Христос аатынан көрдөһөбүт.
Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн, Кини күүһүн дьайыытынан мин бу Евангелие үлэһитэ буолбутум.