Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 17:13 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

13 Билигин Мин Эйиэхэ баран эрэбин, онон кинилэр Мин толору үөрүүбүн үллэстэллэрин туһугар, маны, бу дойдуга эрдэхпинэ, этэбин.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 17:13
17 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Ким саадаҕар толору оноҕостоох, ол дьоллоох. Куорат ааныгар утарсааччыларын кытта кэпсэтэригэр, кини кыбыстыыга киириэ суоҕа.


Өбүгэлэрбит бу сири кылыстарынан ылбатахтара, бэйэлэрин кыахтарынан да быыһамматахтара: Эн уҥа илииҥ, Эн күүһүҥ, Эн сирэйиҥ сырдыга кинилэргэ кыайыыны биэрбитэ, оннук үтүө сыһыаннааҕыҥ кинилэргэ.


Иисус, Аҕата барытын Кини илиитигэр биэрбитин, Бэйэтэ Таҥараттан кэлбитин итиэннэ Киниэхэ баран иһэрин билэр буолан,


Маны – Мин үөрүүм эһиэхэ бэриллэн, эһиги сүрэххитин толорорун туһугар – эттим.


Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».


Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа.


Кыыс кэпсэтиилээх киһитэ – күтүөт; оттон күтүөт доҕоро, кини аттыгар туран, доҕорун саҥатын истэн үөрэр эрэ. Ол үөрүүм билигин дьэ толору ситтэ.


«Эһигинниин бииргэ сылдьар кэмим кылгаата, – диэбитэ Иисус. – Мин сотору Миигин Ыыппыкка барыаҕым.


Оттон үөрэнээччилэр бары, Сибэтиэй Тыынынан туолан, үөрэ-көтө сылдьыбыттара.


Таҥара Саарыстыбата ас да, утах да буолбатах – Сибэтиэй Тыын үөскэтэр кырдьыктаах быһыыта, эйэтэ, үөрүүтэ.


Оттон Тыын биһиги сүрэхпитигэр тапталы, үөрүүнү, эйэни-или, кытаанах тулууру, үтүө санааны, амарах быһыыны, итэҕэли,


Бу туһунан эһиэхэ, үөрүүгүт толору буоларын туһугар, суруйабыт.


Бэрт элбэҕи суруйуом этэ гынан баран, эһигини кытта кумааҕынан-чэрэниилэнэн кэпсэтиэхпин баҕарбаппын; үөрүүгүт толору буоларын туһугар, бэйэҕитигэр тиийэн сирэй көрсөн олорон кэпсэтиэм диэн эрэнэ саныыбын.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ