5 Оттон билигин Мин Миигин Ыыппыкка барабын; эһигиттэн ким да Миигиттэн „Ханна бараҕын?“ диэн ыйыппат.
Иисус, Аҕата барытын Кини илиитигэр биэрбитин, Бэйэтэ Таҥараттан кэлбитин итиэннэ Киниэхэ баран иһэрин билэр буолан,
«Тойонуом! Эн ханна бараҕыный?» – диэн ыйыппыта Симон Петр. «Мин барар сирбэр билигин эн Миигин кыайан батыһыаҥ суоҕа, – Иисус хоруйдаабыта, – ол эрээри кэлин батыһан барыаҥ».
Эһигиттэн барыам итиэннэ эһиэхэ эмиэ кэлиэм диэн эппиппин иһиттигит. Эһиги Миигин таптыыргыт эбитэ буоллар, Аҕабар барабын диэбиппиттэн үөрүө этигит: Мин Аҕам Миигиннээҕэр улахан.
кырдьык туһунан – Мин Аҕабар барарым итиэннэ эһиги аны Миигин көрбөккүт иһин;
Сотору кэминэн эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа, онтон сотору буолан баран эмиэ көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин Аҕабар барабын».
Маныаха сорох үөрэнээччилэрэ: «Сотору кэминэн эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа, онтон сотору буолан баран эмиэ көрүөххүт уонна Мин Аҕабар барабын диэн ити тугу этэрий?» – дэһиспиттэрэ.
Мин Аҕабын хаалларан бу дойдуга кэлбитим, аны билигин бу дойдуну хаалларан Аҕабар барабын».
Билигин Мин Эйиэхэ баран эрэбин, онон кинилэр Мин толору үөрүүбүн үллэстэллэрин туһугар, маны, бу дойдуга эрдэхпинэ, этэбин.
Мин сиргэ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрдүм, Эн соруйуугун толордум.
Арай Киһи Уола урут сылдьыбыт сиригэр үөһэ тахсарын көрүҥ, оччоҕо тугуй?
«Эһигинниин бииргэ сылдьар кэмим кылгаата, – диэбитэ Иисус. – Мин сотору Миигин Ыыппыкка барыаҕым.
Уола, Аҕатын кэрэмэн килбиэнин сыдьаайа, ис дьиҥин уобараһа, сири-халлааны барытын этэр тылын күүһүнэн салайар. Кини биһиги аньыыбытын-харабытын Бэйэтинэн ыраастаан баран, үөһэ баар улуу бүрүстүөл уҥа өттүгэр олорбута.