28 Мин Аҕабын хаалларан бу дойдуга кэлбитим, аны билигин бу дойдуну хаалларан Аҕабар барабын».
Алгыы туран, улам тэйдэр-тэйэн, халлааҥҥа өрө тахсан барбыта.
Бу дойдуттан ылыллыахтаах күнэ хайыы-үйэ чугаһаабытыгар Иисус Иерусалимҥа барардыы быһаарынан,
Паасха бырааһынньыгын иннинэ Иисус бу аан дойдуну хаалларан, Аҕатыгар барар кэмэ кэлбитин билэр буолан, бу дойдуга баар Бэйэтин дьонун тиһэҕэр диэри уостубат тапталынан таптыырын көрдөрбүтэ.
Иисус, Аҕата барытын Кини илиитигэр биэрбитин, Бэйэтэ Таҥараттан кэлбитин итиэннэ Киниэхэ баран иһэрин билэр буолан,
Эһигиттэн барыам итиэннэ эһиэхэ эмиэ кэлиэм диэн эппиппин иһиттигит. Эһиги Миигин таптыыргыт эбитэ буоллар, Аҕабар барабын диэбиппиттэн үөрүө этигит: Мин Аҕам Миигиннээҕэр улахан.
кырдьык туһунан – Мин Аҕабар барарым итиэннэ эһиги аны Миигин көрбөккүт иһин;
Сотору кэминэн эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа, онтон сотору буолан баран эмиэ көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин Аҕабар барабын».
Билигин биһиги Эн тугу барытын билэргин, киһи Эйигиттэн ыйытарыгар наадыйбаккын билэн, Таҥараттан кэлбиккин итэҕэйэбит».
Оттон билигин Мин Миигин Ыыппыкка барабын; эһигиттэн ким да Миигиттэн „Ханна бараҕын?“ диэн ыйыппат.
Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа.
Билигин Мин Эйиэхэ баран эрэбин, онон кинилэр Мин толору үөрүүбүн үллэстэллэрин туһугар, маны, бу дойдуга эрдэхпинэ, этэбин.
Аны билигин, Аҕаа, Мин Эйиэхэ эрдэхпинээҕи, аан дойду айыллыан инниттэн баар килбиэмминэн Миигин албан аатырт.
Иисус эппитэ: «Өскөтүн Бэйэм туспунан Бэйэм туоһулуур да буоллахпына, Мин туоһум дьиҥнээх, тоҕо диэтэххэ, Мин хантан кэлбиппин уонна ханна баран иһэрбин билэбин; оттон эһиги Мин хантан кэлбиппин да, ханна баран иһэрбин да билбэккит.
Иисус эппитэ: «Таҥара эһиги Аҕаҕыт эбитэ буоллар, эһиги Миигин, Таҥараттан кэлбитим уонна билигин манна баарым иһин, таптыа этигит. Мин Бэйэм көҥүлбүнэн кэлбэтэҕим – Кини Миигин ыыппыта.