Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 16:16 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

16 Сотору кэминэн эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа, онтон сотору буолан баран эмиэ көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин Аҕабар барабын».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 16:16
19 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Айыы Тойон маны этэн баран, Халлааҥҥа тахсан Таҥара уҥа өттүгэр олорбута.


Иисус эппитэ: «Сырдык эһиэхэ баар буола сылдьар кэмэ кылгаата. Эһиги, хараҥаҕа былдьаппат туһугар, сырдыкка сылдьыҥ; хараҥаҕа сылдьар киһи ханна баран иһэрин билбэт.


Иисус, Аҕата барытын Кини илиитигэр биэрбитин, Бэйэтэ Таҥараттан кэлбитин итиэннэ Киниэхэ баран иһэрин билэр буолан,


Оҕолоруом! Мин эһигини кытта бииргэ сылдьар кэмим кыра хаалла: эһиги Миигин көрдүөххүт гынан баран, иудейдарга эппитим курдук, билигин эһиэхэ эмиэ этэбин: Мин барар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит.


кырдьык туһунан – Мин Аҕабар барарым итиэннэ эһиги аны Миигин көрбөккүт иһин;


Ол курдук эһиги эмиэ билигин санааргыыгыт эрээри, Мин эһигини иккистээн көрүстэхпинэ, сүрэххит үөрүүнэн туолуоҕа, оччоҕо эһиги үөрүүгүтүн ким да былдьаан ылыа суоҕа.


Мин Аҕабын хаалларан бу дойдуга кэлбитим, аны билигин бу дойдуну хаалларан Аҕабар барабын».


Оттон билигин Мин Миигин Ыыппыкка барабын; эһигиттэн ким да Миигиттэн „Ханна бараҕын?“ диэн ыйыппат.


Билигин Мин Эйиэхэ баран эрэбин, онон кинилэр Мин толору үөрүүбүн үллэстэллэрин туһугар, маны, бу дойдуга эрдэхпинэ, этэбин.


Аны билигин, Аҕаа, Мин Эйиэхэ эрдэхпинээҕи, аан дойду айыллыан инниттэн баар килбиэмминэн Миигин албан аатырт.


«Эһигинниин бииргэ сылдьар кэмим кылгаата, – диэбитэ Иисус. – Мин сотору Миигин Ыыппыкка барыаҕым.


Кириэскэ муҥнанан баран, Кини түөрт уон хонук устата үөрэнээччилэригэр көстөн, Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээн, Бэйэтэ тыыннааҕын элбэх итэҕэтиилээх чахчыларынан кэрэһилээн көрдөрбүтэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ