Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 15:4 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

4 Эһиги Миэхэ буолуҥ, Мин эмиэ эһиэхэ буолуом. Лабаа умнаска буолбатаҕына, бэйэтэ астамматын курдук, эһиги Миэхэ буолбатаххытына, эмиэ кураанах буолуоххут.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 15:4
29 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Эһиги маһы үчүгэй диир буоллаххытына, отонун эмиэ үчүгэй диэҥ, маһы куһаҕан диир буоллаххытына, отонун эмиэ куһаҕан диэҥ – мас хайдаҕа отонуттан биллэр.


оттон өҥ буорга ыһыллыбыт сиэмэ – ол Таҥара тылын истэр уонна истибит тылларын үтүөкэн, ыраас сүрэхтэригэр иҥэрэ сылдьан, бары ыарахаттары тулуйан туран итэҕэйэр дьон». Маны кэпсээн баран Кини: «Ким истэр кулгаахтаах истиэхтин!» – диэн саҥа аллайбыта.


Ол күн эһиги Мин Аҕабар, эһиги Миэхэ, Мин эһиэхэ баарбын билиэххит.


Мин кинилэргэ баарбын, Эн Миэхэ бааргын; кинилэр эмиэ эҥкилэ суох биир сомоҕо буоллуннар; Эн Миигин ыыппыккын, итиэннэ Миигин таптыырыҥ курдук, кинилэри таптыыргын бу аан дойду билиэхтин.


Мин Эппин сиир, Мин Хааммын иһэр киһи Миигин кытта биир буолар, Мин эмиэ кинини кытта бииргэбин.


Оттон итэҕэйбит иудейдарга Кини эппитэ: «Мин тылбыттан тахсыбат буоллаххытына, эһиги дьиҥ чахчы Мин үөрэнээччилэрим буолаҕыт.


Варнава онно тиийэн, Таҥара кинилэргэ биэрбит илгэлээх үтүөтүн көрөн, үөрбүтэ уонна барыларын ис сүрэххититтэн Айыы Тойоҥҥо итэҕэллээх буолуҥ диэн ыҥырбыта.


суолларын былаһын тухары үөрэнээччилэр санааларын бөҕөргөтө, итэҕэллэрин ыһыктыбаттарыгар такайа, «Таҥара Саарыстыбатыгар биһиги элбэх эрэйи көрсөн киириэхтээхпит» диэн үөрэтэ испиттэрэ;


Бэйэҕитин тургутан көрүнүҥ: чөл итэҕэллээххит дуо? Бэйэҕитин чинчийэн көрүҥ. Биитэр бэйэҕитин – Иисус Христос эһиэхэ баарын – билбэккит дуу? Тургутууну тулуйбатах буоллаххытына эрэ билиэххит суоҕа.


онон аны мин суохпун, арай мин сүрэхпэр Христос баар; оттон бу сирдээҕи олохпун миигин таптаабыт, мин туспар толук буолбут Таҥара Уолугар итэҕэлбинэн олоробун.


Христос итэҕэл аанынан киирэн сүрэххитигэр олохсуйарын, эһиги тапталтан силис тардан, тапталга тирэҕирэн,


Иисус Христос көмөтүнэн кырдьык өлгөм үүнүүтүн ылан, Таҥараны албан аатырдаргыт, айхаллатаргыт туһугар үҥэбин.


Онон эһиги инникитин, Таҥара иннигэр турар туһугар, итэҕэл бигэ акылаатыгар тирэҕирэн, уҥа-хаҥас халбаҥнаабакка, Таҥара тыла биэрэр эрэлин энчирэтиэ суохтааххыт. Бу Евангелиены эһиги истибиккит, бу Евангелие аан дойду дьонугар барытыгар иһитиннэриллибитэ; мин, Павел эмиэ, бу Евангелие үлэһитэ буолбутум.


Кини бу кистэлэҥҥэ хайдах курдук килбиэннээх баай бары норуоттарга ананан сылдьарын Бэйэтин сибэтиэй дьонугар арыйыан баҕарбыта. Оттон бу баай кылаат – эһиги сүрэххитигэр баар Христос, эһиги кэнэҕэс килбиэннээх албан ааты үллэстэр эрэлгит.


Онон, Христос Иисуһу Айыы Тойоммут диэн ылыммыт дьон быһыытынан, хайдах үөрэммиккит курдук, Киниттэн силис тардан, Кини акылаатыгар олоххутун тутан, итэҕэлгитинэн бөҕөргөтүнэн, ис сүрэххититтэн өрүү махтанан, Кинилиин биир буолуҥ.


Онон мин эмиэ, салгыы тулуйа барбакка, угаайылаах эһигини сыыһа үктэппэтэр, үлэбит туһата суох хаалбатар диэн, итэҕэлгит туругун билээри Тимофейы ыыппытым.


Биһиги турбут суолбутуттан төннөн өлөр дьон буолбатахпыт, суох, биһиги олоххо тиксэр туһугар итэҕэлбитин ыһыктыбаппыт.


Кинини кытта биир буоллум диир киһи, Кини олорбутун курдук, олоруохтаах.


Христос үөрэҕин кэһэн туора хаамар, бу үөрэҕи тутуспат киһи Таҥарата суох, оттон Христос үөрэҕин тутуһан олорор киһиэхэ Аҕата да, Уола да баар.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ