3 Мин эһиэхэ эппит тылбын ылынан, эһиги хайыы-үйэ ырааһырдыгыт.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Сууммут киһи турар бэйэтэ ыраас, онон атаҕын эрэ суунуохтаах. Эһиги эмиэ ырааскыт, ол гынан баран бука бары ыраас буолбатаххыт».
Мин ас биэрбэт хас биирдии лабаабын Кини быһан ылан быраҕар, оттон ас биэрэр хас биирдии лабаабын, өссө элбэх аһы биэрдин диэн, ыраастыыр.
Эн кинилэри Бэйэҥ кырдьыгыҥ күүһүнэн сибэтии гын: Эн тылыҥ дьиҥ кырдьыктаах.
Кинилэр тустарыгар – Эн кырдьыгыҥ кинилэри сибэтии гынарын туһугар, Мин Бэйэбин Эйиэхэ аныыбын.
Кини Сиэркэби уунан сууннаран баран, Бэйэтин тылын көмөтүнэн сибэтии гынаары,
Онон, бырааттарыам, кырдьыкка Тыын көмөтүнэн истигэн буолан, дууһаҕытын ыраастанан, бырааттыы дьоҥҥутун өрүү ыраас ис сүрэххититтэн таптааҥ.