1 Мин дьиҥнээх виноград умнаһынабын, оттон Аҕам – виноград үүннэрээччи.
«Халлааннааҕы Аҕам олордубатах ханнык баҕарар үүнээйитэ төрдүттэн түөрүллүөҕэ, – диэбитэ Иисус. –
Халлаан Саарыстыбатын өссө маннык холобурдуохха сөп: биир хаһаайын сарсыарда эрдэ винограднигар үлэһиттэри наймылыы тахсыбыт.
Аны маннык домоҕу истиҥ. Биир дьиэлээх хаһаайын виноградник олордубут; онтун эргиччи күрүөлээн баран, иһигэр сүмэһин сүүрдэр тэриллээх оҥкучах хаспыт, харабыл башнятын туппут уонна барытын үлэһиттэргэ туттаран баран, бэйэтэ ыраах айаҥҥа аттаммыт.
Онтон кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Биир киһи, виноградник олордон баран, онтукатын күрүөлээн кэбиспит, иһигэр сүмэһин сүүрдэр оҥкучах хаспыт, харабыл башнятын туппут, итиэннэ барытын виноград үүннэрээччилэргэ туттаран баран, ыраах дойдуга аттаммыт.
Онтон Иисус маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Биир киһи винограднигар смоковница үүннэрбит. Биирдэ кини отонноммута буолаарай диэн, маһын кэлэн көрөн баран, биир да отону булбатах;
Сокуону Таҥара Моисейынан бэрдэрбитэ, оттон тапталы уонна кырдьыгы Иисус Христос аҕалбыта.
Бу аан дойдуга кэлэр хас биирдии киһини сырдатар дьиҥнээх сырдык баара.
Мин ас биэрбэт хас биирдии лабаабын Кини быһан ылан быраҕар, оттон ас биэрэр хас биирдии лабаабын, өссө элбэх аһы биэрдин диэн, ыраастыыр.
Иисус эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: килиэби Халлаантан Моисей ылан биэрбэтэҕэ, Мин Аҕам Халлаантан эһиэхэ дьиҥнээх килиэби биэрэр.
Мин Этим-сииним дьиҥ аһылык, Мин Хааным дьиҥ утах буолар.
Сорох лабаалара тостубуттарыгар эн, дьиикэй маслина, кинилэр оннуларыгар самсанаҥҥын, дьиҥнээх маслина силиһин сүмэһинин үллэстэр буоллаххына,
Биһиги Таҥараҕа бииргэ сулууспалыыр үлэһиттэрбит, оттон эһиги Таҥара сонуога, Таҥара тутуута буолаҕыт.
Ол гынан баран эмиэ да саҥа кэриэһи суруйабын; бу кэриэс кырдьыктааҕа Киниттэн да, эһигиттэн да ырылыччы көстөр: хараҥа ааһан, дьиҥнээх сырдык хайыы-үйэ тыган эрэр.