Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 14:7 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

7 Эһиги Миигин билэргит эбитэ буоллар, Аҕабын эмиэ билиэ этигит. Аны мантан инньэ Кинини билэҕит – эһиги Кинини көрдүгүт».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 14:7
21 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Мин Аҕам тугу барытын Миэхэ туттарбыта; Аҕатыттан ураты Уолун ким да билбэт, ол курдук эмиэ Уолуттан ураты, уонна Уола арыйыан баҕарбыт дьонуттан ураты, ким да Аҕаны билбэт.


Онтон үөрэнээччилэригэр хайыһан эппитэ: «Аҕам Миэхэ тугу барытын туттарбыта. Уола кимин Аҕатыттан ураты ким да билбэт, Аҕата кимин Уолуттан ураты, биитэр Уола арыйыан баҕарбыт дьонуттан ураты, ким да билбэт».


Таҥараны ким да хаһан да көрбөтөҕө, арай Аҕатыгар баар Кини Төрөппүт соҕотох Уола биһиэхэ Таҥараны көрдөрбүтэ.


Атын ким да кыайан оҥорботун Мин кинилэргэ оҥорботоҕум буоллар, кинилэр аньыыга киириэ суох этилэр; оттон билигин ону барытын көрөн да баран, Миигин да, Аҕабын да абааһы көрбүттэрэ.


Кинилэр Мин Аҕабын да, Миигин да билбэт буолан, оннук быһыыланыахтара.


бары биир буоллуннар, Аҕаа, Эн Миэхэ, Мин Эйиэхэ баарым курдук, кинилэр эмиэ Биһиэхэ биир сомоҕо буоллуннар – Эн Миигин ыыппыккын аан дойду итэҕэйиэхтин.


Мин кинилэргэ баарбын, Эн Миэхэ бааргын; кинилэр эмиэ эҥкилэ суох биир сомоҕо буоллуннар; Эн Миигин ыыппыккын, итиэннэ Миигин таптыырыҥ курдук, кинилэри таптыыргын бу аан дойду билиэхтин.


Мин кинилэр сүрэхтэригэр баарым курдук, Эн Миигин таптаабыт тапталыҥ эмиэ кинилэр сүрэхтэригэр баар буоларын туһугар, Мин кинилэргэ Эн ааккын арыйбытым уонна арыйыам даҕаны».


Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.


Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар.


Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.


Ол аата ким эрэ Аҕаны көрбүт диэн буолбатах, Таҥараттан Кэлбиттэн ураты атын ким даҕаны Аҕаны көрбөтөҕө – Кини эрэ көрбүтэ.


Маныаха Киниттэн: «Аҕаҥ ханна баарый?» – диэн ыйыппыттара. «Эһиги Миигин да, Аҕабын да билбэккит. Миигин билэргит эбитэ буоллар, Аҕабын эмиэ билиэ этигит», – диэбитэ Иисус.


Тоҕо диэтэххэ, «хараҥаттан сырдык тыктын» диэбит Таҥара, Иисус Христос сирэйигэр сыдьаайбыт Бэйэтин килбиэнин биллэрэн биһигини сырдатаары, сүрэхпитигэр күндэлэс сырдыгынан сыдьаайбыта.


Уола, Аҕатын кэрэмэн килбиэнин сыдьаайа, ис дьиҥин уобараһа, сири-халлааны барытын этэр тылын күүһүнэн салайар. Кини биһиги аньыыбытын-харабытын Бэйэтинэн ыраастаан баран, үөһэ баар улуу бүрүстүөл уҥа өттүгэр олорбута.


Аҕалар, мин эһиэхэ суруйабын: эһиги аан бастааҥҥыттан Баары билбиккит. Эдэрдэр, мин эһиэхэ суруйабын: эһиги хара дьайдааҕы кыайбыккыт. Эрдэҕэс оҕолор, мин эһиэхэ суруйабын: эһиги Аҕаны биллигит.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ