4 Оттон Мин ханна барарбын эһиги билэҕит, суолун эмиэ билэҕит».
Христос ити курдук эрэйи-буруйу көрөн баран, албан аатырыахтаах этэ буолбат дуо?»
Мин – ааммын: ким Миигинэн киирбит, ол быыһаныа, киириэ да-тахсыа да, тахсан мэччирэҥи да булуо.
Ким Миэхэ сулууспалыыр, ол Миигин батыстын; Мин ханна баарбын да, кини эмиэ онно буолуоҕа; Миэхэ сулууспалыыр киһини Мин Аҕам үрдүктүк тутуоҕа».
Иисус, Аҕата барытын Кини илиитигэр биэрбитин, Бэйэтэ Таҥараттан кэлбитин итиэннэ Киниэхэ баран иһэрин билэр буолан,
Аҕам дьиэтэ элбэх хостоох; оннук буолбатаҕа эбитэ буоллар, эһиги олорор сиргитин бэлэмнии барабын диэн этиэм этэ дуо?
Эһигиттэн барыам итиэннэ эһиэхэ эмиэ кэлиэм диэн эппиппин иһиттигит. Эһиги Миигин таптыыргыт эбитэ буоллар, Аҕабар барабын диэбиппиттэн үөрүө этигит: Мин Аҕам Миигиннээҕэр улахан.
Эһиги олорор сиргитин бэлэмнээн баран, эргиллэн кэлиэм, итиэннэ эһиги эмиэ Миигин кытта бииргэ буоларгыт туһугар, эһигини Бэйэбэр ылыам.
«Тойоммуот! Эн ханна бараргын биһиги билбэппит, онон барар суолгун хайдах билиэхпитий?» – диэбитэ Фома.
Мин Аҕабын хаалларан бу дойдуга кэлбитим, аны билигин бу дойдуну хаалларан Аҕабар барабын».
Уолун итэҕэйэр киһи бараммат олохтоох, оттон Уолун итэҕэйбэт киһи олоҕу көрүө суоҕа: Таҥара уора-кылына киниттэн үйэлэр тухары араҕыа суоҕа.
Кини Уолун көрөн итэҕэйбит киһи барыта бараммат олохтоноро – бу буолар Миигин ыыппыт Аҕам көҥүлэ; Мин ол киһини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим».