Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 14:27 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

27 Мин эһиэхэ эйэни хаалларабын, Бэйэм эйэбин эһиэхэ биэрэбин; Мин бу дойду биэрэриттэн атыннык биэрэбин. Эһиги дьиксиниэ, дьулайыа суохтааххыт.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 14:27
65 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Хуор салайааччытыгар. Аҕыс устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Давид псалома.


Кини дьадаҥыны сиртэн-буортан өрө тардар, кыраны-хараны киртэн-хахтан таһаарар,


Давид псалома. Эйигин мин ыҥырабын, Айыы Тойон; туруук таас хайам, миигин истэртэн аккаастаныма. Эн миэхэ хардарбат буоллаххына, мин бэйэбин өлбүт киһилии сананыам.


Айыы Тойон саҥата уу үрдүнэн иһиллэр; албан ааттаах Таҥара этиҥнии ньириһийэр, Айыы Тойон саҥата улуу байҕал үрдүнэн эҥсиллэр.


Иһит, Айыы Тойон, миигин аһын-харыһый, Айыы Тойон, миэхэ көмөлөс».


Эн бигэ тапталыҥ халлааннары аһара барар, Эн кырдьыгыҥ былыттардыын быысаһар.


Үрдүктэн Үрдүк Таҥараны мин ыҥырабын, миэхэ үтүөнү оҥорор Таҥараны.


Оттон мин бүдүрүйэн иһэн өрүһүннүм, халтарыйан иһэн быыһанным:


Аһара уойаннар, харахтара бүтэйбит, мэник санаа сүрэхтэригэр көччүйбүт.


Эн улуугун, сөҕүмэр дьайыылары оҥороҕун, Эйигиттэн атын Таҥара суох.


Үөртүҥ да Эн миигин, Айыы Тойон, сүдү дьайыыгынан; Эн илииҥ айбытын көрөммүн, мин үөрэн ыллыыбын.


уолуйуоҥ суоҕа аан алдьархай соһуччу адаҕыйарыттан, куһаҕан санаалаахтар эйигин өлөрөрдүү куомуннаһалларыттан,


Ол гынан баран эһиги кинилэртэн куттанымаҥ. Кистэлэҥ арыллыбатаҕа, кистэммит биллибэтэҕэ диэн суох.


оччоҕо Кини – тахсан эрэр сырдык – хараҥаҕа, өлүү күлүгэр олорор дьону сырдатыаҕа, биһигини эйэ суолугар үктэннэриэҕэ».


Хайа дьиэҕэ киирэҕит да, маҥнай: „Бу дьиэҕэ эйэ буоллун!“ – диэбитинэн киирэр буолуҥ.


Мин эһиэхэ, доҕотторбор, этэбин: өлөрүөхсүттэртэн куттанымаҥ; кинилэр киһи этин-сиинин өлөрөртөн ордугу тугу да гынар кыахтара суох.


«Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!»


«Эһиги дьиксиниэ суохтааххыт. Таҥараны уонна Миигин итэҕэйиҥ!


Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».


Ол күн, нэдиэлэ бастакы күнүн киэһэтигэр, үөрэнээччилэр иудейдартан куттанан, түмсэр дьиэлэрин аанын хатанан олордохторуна, Иисус киирэн ортолоругар туран эппитэ: «Эһиэхэ эйэ буоллун!»


«Эһиэхэ эйэ буоллун! – диэбитэ Иисус иккиһин. – Аҕам Миигин ыыппытын курдук, Мин эмиэ эһигини ыытабын».


Аҕыс хонон баран үөрэнээччилэр эмиэ дьиэҕэ олорбуттара, Фома кинилэри кытта баара. Аан халҕана хатанан турдаҕына, арай Иисус киирэн ортолоругар туран баран: «Эһиэхэ эйэ буоллун!» – диэбитэ.


Кини, Иисус Христос биэрэр эйэтин туһунан Евангелиены иһитиннэртэрэн, Израиль норуотугар Бэйэтин тылын тиэрдибитэ. Туох баар барытын Айыы Тойоно Иисус буолар.


Биирдэ Айыы Тойон түүн Павелга көстөн: «Куттаныма, салгыы үөрэтэ сырыт, саҥата суох сылдьыма, – диэбитэ. –


Эһиэхэ, Таҥара таптыыр дьонугар, сибэтиэй буоларга ыҥырыллыбыттарга – Рим христианнарыгар бука барыгытыгар Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!


Онон эрэлгит Сибэтиэй Тыынынан эбиллэ турарын туһугар, эрэл Таҥарата эһиэхэ итэҕэлгит хоту бары үөрүүнү, эйэни толору биэриэхтин.


Онон итэҕэлбитинэн буруйбутуттан быыһанаммыт, билигин биһиги Айыы Тойоммут Иисус Христос өҥөтүнэн Таҥараны кытта эйэлээхпит.


Ол эбэтэр, биһиги, Таҥараҕа өстөөх сылдьыбыт дьон, Кини Уола өлөн Таҥараны кытта эйэлэспит буоллахпытына, билигин Кини Уолун олоҕунан өссө ордук быыһаныахпыт.


Аньыыга тардыһар киһи өйө-санаата кинини өлүүгэ тиэрдэр, оттон Тыынынан салаллар духуобунай өй-санаа киһини эйэлээх олоххо тиксэрэр.


Эһиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!


Аҕа Таҥараттан уонна биһигини бу хара дьайдаах үйэттэн өрүһүйэн, аньыыбытыттан босхолоору, Бэйэтин толук биэрэн Аҕа Таҥарабыт көҥүлүн толорбут Иисус Христос Айыы Тойоммутуттан эһиэхэ бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!


Оттон Тыын биһиги сүрэхпитигэр тапталы, үөрүүнү, эйэни-или, кытаанах тулууру, үтүө санааны, амарах быһыыны, итэҕэли,


Бу быраабыланы тутуһар дьоҥҥо уонна Таҥара Израилыгар эйэ-ил, аһыныгас сыһыан тосхойдун.


оччоҕо Таҥара хайа да бэйэлээх өй ситэн өйдөөбөт эйэтин эһиэхэ биэрэн, эһиги сүрэххитин, өйгүтүн-санааҕытын Христос Иисустуун биир гынан араҥаччылыаҕа.


Уола кириэскэ өлбүтүн түмүгэр, Таҥара сиргэ да, Халлааҥҥа да баары барытын кытары эйэни-или олохтоон, баары барытын Бэйэтин кытта Уолун көмөтүнэн иллэһиннэрбитэ.


Сүрэххитигэр Таҥара биэрэр эйэтэ толору баһылаатын – Кини эһигини биир Эт-сиин оҥорон эйэлээх буоларга ыҥырбыта. Киниэхэ куруук махтана сылдьыҥ.


Эһиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!


Эйэ-ил Айыы Тойоно Бэйэтинэн эһиэхэ өрүүтүн туохха барытыгар эйэни биэриэхтин. Айыы Тойон эһигини барыгытын кытта бииргэ буолуохтун!


Таҥара биһиэхэ биэрбит Тыына биһигини куттас оҥорбот, күүстээх оҥорор, тапталы, чөлү хараныыны иитэр.


Бараанын үөрүн улуу Маныыһытын – хаһан да көтүллүбэт сөбүлэһии кэс тылын Бэйэтин Хаанынан бигэргэппит Айыы Тойон Иисус Христоһу өлбүттэртэн тилиннэрбит Таҥара, эйэ-ил төрдө,


Авраам сэриилээн ылан илдьэ иһэр баайын уон гыммыт биирин киниэхэ өлүүлээн биэрбитэ. «Мелхиседек» диэн аат, бастакытынан, «кырдьыктаах ыраахтааҕы» диэн, оттон, иккиһинэн, кини Салим ыраахтааҕыта буоларын быһыытынан, «эйэни тэрийэр ыраахтааҕы» диэн суолталаах.


Асиятааҕы сэттэ сиэркэпкэ Иоантан: билигин да баар, урут да баар, кэлиэхтээх Таҥараттан уонна Кини бүрүстүөлүн иннигэр сылдьар сэттэ тыынтан итиэннэ сир ыраахтааҕыларын Улуу Баһылыгыттан, өлбүттэртэн бастакынан тиллибит кырдьыктаах туоһу Иисус Христостан эһиэхэ Таҥара илгэлээх үтүөтэ, илэ-эйэтэ тосхойо туруохтун! Киниэхэ, биһигини таптаан аньыыбытыттан-харабытыттан Бэйэтин Хаанынан сууйбукка,


Тулуйуохтаах эрэйгиттэн куттаныма. Адьарай эһигини холоон көрөөрү, сороххутун хаайыыга бырахтарыаҕа. Уон күн устата эһиги эрэйи-муҥу көрүөххүт. Өлүөххэр диэри, Миэхэ бэриниилээх буол, оччоҕо Мин эйиэхэ кыайыыҥ иһин Олох мэнньиэһин биэриэҕим.


Оттон куттамсахтар, итэҕэлэ суохтар, сидьиҥнэр, өлөрүөхсүттэр, содурдар, абынан-хомуһунунан дьарыгырааччылар, эмэгэккэ сүгүрүйээччилэр уонна бары сымыйаччылар аналлара – сиэрэлээх уот байҕалга түһүү. Ити иккиһин, бүтэһиктээхтик, өлүү буолар».


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ