37 «Тойонуом! Мин билигин Эйигин тоҕо кыайан батыһыам суоҕай? – диэбитэ Петр. – Эн тускар мин тыыммын да толук биэриэм!»
«Кыайыахпыт», – дэспиттэрэ. Иисус эппитэ: «Мин иһэр иһиппиттэн иһиэххит, Мин сүрэхтэнэрбинэн сүрэхтэниэххит,
Аһыы олордохторуна, Иисус Симон Петртан ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин кинилэрдээҕэр ордук таптыыгын дуо?» «Таптыыбын, Айыы Тойон, – диэбитэ Петр. – Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин». Иисус эппитэ: «Мин барааннарым оҕолорун манаа».
Ол эрээри мин туохтан да торуттан турбаппын, олохпун да биэрэрбин кэрэйбэппин. Биэтэккэ эрэ тиийдэрбин, Айыы Тойон Иисустан ылбыт сулууспабын толорон, Таҥара илгэлээх үтүөтүн туһунан Евангелиены иһитиннэрдэрбин диэн эрэ баҕалаахпын!
«Бу туох буолан хараххыт уутунан суунан сүрэхпин аймаатыгыт? – диэбитэ Павел. – Айыы Тойон Иисус туһугар мин Иерусалимҥа хаайыллыахтааҕар буолуох, өлөрбүн да кэрэйбэппин».