32 Таҥара кэрэмэн килбиэнин Кини көрдөрбүт эбит буоллаҕына, бэрт сотору Таҥара эмиэ Кини килбиэнин көрдөрүөҕэ.
«Киһи Уола килбиэнин көрдөрөр кэмэ кэллэ, – диэбитэ Иисус кинилэргэ. –
Иисус маны этэн баран, халлаан диэки үөһэ көрөн туран: «Аҕаа! Кэм-кэрдии уолдьаста, – диэбитэ. – Уолуҥ Эн кэрэмэн килбиэҥҥин көрдөрөрүн туһугар, Эн эмиэ Уолуҥ килбиэнин бу дойдуга көрдөр.
Кини билигин халлааҥҥа Таҥара уҥа өттүгэр олорор; Киниэхэ Аанньаллар, халлааннааҕы былаастар, күүстэр – бука бары бас бэриммиттэрэ.
Аанньал миэхэ Таҥара уонна Бараан Оҕотун бүрүстүөлүн анныттан сүүрүгүрдэ сытар, курустаал курдук сып-сырдык, ып-ыраас өлбөт мэҥэ уутун өрүһүн көрдөрбүтэ.
Мин Альфа уонна Омега, Төрүт уонна Бүтэр Уһук, Бастакы итиэннэ Тиһэх буолабын».
Куоракка аны кыраммыт диэн туох даҕаны суох буолуоҕа; онно Таҥара уонна Бараан Оҕотун бүрүстүөлэ туруоҕа, итиэннэ Таҥара кулуттара Киниэхэ сулууспалыахтара.
Кыайыылааҕы Бэйэбин кытта бүрүстүөлбэр олордуом; Мин кыайан-хотон Аҕабын кытта, Аҕам бүрүстүөлүгэр олорбутум курдук, кыайыылаах эмиэ Миигинниин бииргэ олорсуо.