20 Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин ыыппыт киһибин ылынааччы Миигин ылынар, оттон Миигин ылынааччы Миигин Ыыппыты ылынар».
„Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэн хоруйдуоҕа Ыраахтааҕы, – эһиги Мин бу саамай кыра бырааттарбыттан биирдэстэригэр оҥорбут үтүөҕүт – ол Миэхэ оҥорбут үтүөҕүт“.
«Ким маннык оҕолортон биирдэстэрин Мин аатым туһугар ылынар – ол Миигин ылынар; оттон ким Миигин ылынар – ол Миигин буолбатах, Миигин Ыыппыты ылынар».
Эһигини истэр киһи – Миигин истэр, эһигини ылыммат киһи – Миигин ылыммат; оттон ким Миигин ылыммат, ол Миигин Ыыппыты ылыммат».
уонна эппитэ: «Ким бу оҕону Мин ааппар ылынар, ол Миигин ылынар; оттон ким Миигин ылынар, ол Миигин Ыыппыты ылынар. Ким барыгытыттан кыра – ол барыгытыттан улахан буолуоҕа».
ыалдьар диэн сэнээбэтэххит, киэр хайыспатаххыт, хата ол оннугар Таҥара Аанньалын биитэр Христос Иисуһу көрсөр кэриэтэ көрсүбүккүт.
Онон, Христос Иисуһу Айыы Тойоммут диэн ылыммыт дьон быһыытынан, хайдах үөрэммиккит курдук, Киниттэн силис тардан, Кини акылаатыгар олоххутун тутан, итэҕэлгитинэн бөҕөргөтүнэн, ис сүрэххититтэн өрүү махтанан, Кинилиин биир буолуҥ.
Онон ким бас бэриммэт, ол киһиэхэ буолбакка, биһиэхэ Сибэтиэй Тыынын биэрбит Таҥараҕа бас бэриммэт.