13 Эһиги Миигин Үөрэтээччибит, Тойоммут диэн сөпкө этэҕит, чахчы оннук.
Киһи Уола Бэйэтигэр туһалатаары кэлбэтэҕэ, Бэйэтэ туһалаары, олоҕун бар дьон туһугар толук уураары, кэлбитэ».
«Сөпкө хоруйдаатыҥ, – диэбитэ Иисус. – Ситини тутуһан олордоххуна, Олоххо тиксиэҕиҥ».
Эһиги Миигин „Тойоммут! Тойоммут!“ диэн ыҥыраҕыт эрээри, этэрбин тоҕо толорбоккутуй?
Симон эппитэ: «Ордук улахан иэстээҕэ дии саныыбын». «Сөпкө тойонноотуҥ, – диэбитэ Иисус,
Мария били Айыы Тойон атаҕын үчүгэй сыттаах арыынан аҕаан баран баттаҕынан соппут дьахтар этэ. Ыалдьыбыт Лазарь кини быраата этэ.
Инньэ диэт, баран балтын Марияны кистээн ыҥыран ылан: «Үөрэтээччи кэллэ, эйигин ыҥырар», – диэбитэ.
Онон Лазарь эдьиийдэрэ Иисуска «Тойоммут, таптыыр киһиҥ ыалдьа сытар» диэн илдьит ыыппыттара.
Эһиги өйдүөххүтүн баҕарабын: Таҥара Тыынынан саҥарар хайа да киһи «Иисус анафема» диэн этиэ суоҕа, итиэннэ ким да Сибэтиэй Тыына суох хаһан даҕаны «Иисус – Айыы Тойон» диэн билиниэ суоҕа.
биһиги биир эрэ Таҥара Аҕалаахпыт: туох барыта Киниттэн төрүттээх, биһиги эмиэ олохпутун Киниэхэ анаан олоробут; итиэннэ биир эрэ Айыы Тойон баар – Иисус Христос, туох барыта Кининэн төрүттэммитэ, биһиги эмиэ Кининэн олоробут.
Эһиги, тойоттор, кулуттаргытыгар эмиэ соннук сыһыаннаһыҥ. Эһиги да, кинилэр да үрдүлэринэн Халлааҥҥа Айыы Тойон баарын, Кини кими даҕаны чорбоппотун өйдөөн-санаан туран кулуттаргытыгар хаһан да суоһурҕаммат буолуҥ.
Христос Иисуһу, Айыы Тойоммун билэрбин туохтааҕар да үрдүктүк санааммын, билигин тугу барытын солуута суох курдук көрөбүн: Кини туһугар мин туохтан барытыттан аккаастанным, Христоһу кытта бииргэ буолаары, тугу барытын бөххө-сыыска холоотум.
Эн Таҥара биир диэн итэҕэйэҕин. Бэрт сөп, абааһылар эмиэ итэҕэйэллэр, бэл кутталларыттан салыбырас буолаллар.