50 Кини кэриэһэ бараммат олоххо тиэрдэрин Мин билэбин, онон, Аҕам Миэхэ эппитин курдук, этэбин».
Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.
Оттон бу суруллубут барыта – Иисус Мессия, Таҥара Уола буоларын итэҕэйэргит итиэннэ итэҕэйэҥҥит Кини аатынан Олоххо тиксэргит туһугар, сурулунна.
Ол иһин Иисус кинилэргэ эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Уола, Аҕата тугу оҥорорун көрө илигинэ, Бэйэтин көҥүлүнэн тугу да оҥорор кыаҕа суох: Аҕата тугу оҥорор да, Уола эмиэ ону оҥорор.
Тыын олоҕу биэрэр, оттон киһиэхэ оннук кыах суох. Мин эһиэхэ этэр тылларбар олох Тыына баар.
Симон Петр эппитэ: «Тойоммуот, Эйигиттэн тэйэммит кимиэхэ барыахпытый? Бараммат олох тылларын Эн билэҕин эбээт.
Ол иһин эппитэ: «Киһи Уолун үөһэ таһаардаххытына, бу Мин буоларбын итиэннэ Бэйэбиттэн тугу да оҥорбоппун, Аҕам үөрэппитин курдук этэрбин билиэххит.
Онон Иисус Христос, дьон Кинини итэҕэйэн бараммат олохтоноллорун туһугар, миэхэ, буор уйбат аньыылааҕар, Бэйэтин муҥура суох тулуурун көрдөрөн, миигин кинилэргэ холобур гыныахтааҕа. Ол туһугар Таҥара миигин аһыммыта-харыһыйбыта.
Бараммат олох – бу баар Кини биһиэхэ биэриэх буолан эрэннэрбитэ!
Итиэннэ Таҥара Уола кэлэн, биһиги дьиҥнээх Таҥараны билэрбит, Кини Уолун Иисус Христоһу кытта бииргэ буоларбыт туһугар, биһиэхэ сырдыгы, өйдүүр кыаҕы биэрбитин эмиэ билэбит. Кини баар дьиҥнээх Таҥара уонна бараммат олох.