45 Ким Миигин көрөр, ол Миигин Ыыппыты көрөр.
Иисус кэрэмэн килбиэнин көрбүт буолан, Исайя Кини туһунан итинник эппитэ.
Атын ким да кыайан оҥорботун Мин кинилэргэ оҥорботоҕум буоллар, кинилэр аньыыга киириэ суох этилэр; оттон билигин ону барытын көрөн да баран, Миигин да, Аҕабын да абааһы көрбүттэрэ.
Кини Уолун көрөн итэҕэйбит киһи барыта бараммат олохтоноро – бу буолар Миигин ыыппыт Аҕам көҥүлэ; Мин ол киһини тиһэх күҥҥэ тилиннэриэҕим».
Тоҕо диэтэххэ, «хараҥаттан сырдык тыктын» диэбит Таҥара, Иисус Христос сирэйигэр сыдьаайбыт Бэйэтин килбиэнин биллэрэн биһигини сырдатаары, сүрэхпитигэр күндэлэс сырдыгынан сыдьаайбыта.
Кини – харахха көстүбэт Таҥара уобараһа, туох да айыллыан иннинэ төрөппүт Уола;
Уола, Аҕатын кэрэмэн килбиэнин сыдьаайа, ис дьиҥин уобараһа, сири-халлааны барытын этэр тылын күүһүнэн салайар. Кини биһиги аньыыбытын-харабытын Бэйэтинэн ыраастаан баран, үөһэ баар улуу бүрүстүөл уҥа өттүгэр олорбута.
Итиэннэ Таҥара Уола кэлэн, биһиги дьиҥнээх Таҥараны билэрбит, Кини Уолун Иисус Христоһу кытта бииргэ буоларбыт туһугар, биһиэхэ сырдыгы, өйдүүр кыаҕы биэрбитин эмиэ билэбит. Кини баар дьиҥнээх Таҥара уонна бараммат олох.