35 Иисус эппитэ: «Сырдык эһиэхэ баар буола сылдьар кэмэ кылгаата. Эһиги, хараҥаҕа былдьаппат туһугар, сырдыкка сылдьыҥ; хараҥаҕа сылдьар киһи ханна баран иһэрин билбэт.
Хара дьайдаахтар суоллара им балай хараҥа, ханна тиийэн бүдүрүйүөхтэрин бэйэлэрэ да билбэттэр.
«Иисус Назорей ааһан иһэр», – диэбиттэрэ.
оттон түүн сылдьар киһи, сырдыгы кытта сылдьыбат буолан, бүдүрүйэр».
Иисус эппитэ: «Күнүскү кэм уон икки чаастаах буолбат дуо? Күнүс сылдьар киһи, бу аан дойду сырдыгын көрө сылдьан, бүдүрүйбэт,
Сырдык эһиэхэ баарына, сырдыкка итэҕэйиҥ, оччоҕуна сырдык уолаттара буолуоххут». Маны этэн баран, Иисус баран хаалбыта. Кини ханна барбытын ким да билбэтэҕэ.
Биир да Миигин итэҕэйэр киһи хараҥаҕа хаалбатын туһугар, Мин, сырдык, бу аан дойдуга кэлбитим.
Сотору кэминэн эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа, онтон сотору буолан баран эмиэ көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин Аҕабар барабын».
«Эһигинниин бииргэ сылдьар кэмим кылгаата, – диэбитэ Иисус. – Мин сотору Миигин Ыыппыкка барыаҕым.
Иисус эмиэ норуокка туһаайан эппитэ: «Мин аан дойду сырдыгынабын. Ким Миигин батыспыт, ол хараҥаҕа сылдьыа суоҕа, олох сырдыгар сылдьыаҕа».
Ол эрээри кинилэр өйдөрө-санаалара им балай хараҥаҕа муммута: Эргэ Кэс Тыл кинигэлэрин ааҕалларыгар эмиэ соннук сабыы, ону Христос эрэ ылан быраҕар кыахтаах буолан, баччааҥҥа диэри өйдөрүттэн уһулла илик.
Онон бириэмэ өссө баарын тухары, бар дьоҥҥо үтүөнү оҥоро сылдьыаҕыҥ, ордук биир итэҕэллээхтэрбитигэр кыһаллыаҕыҥ.
Хаһааҥҥыта эрэ эһиги хараҥа этигит, оттон билигин Айыы Тойону итэҕэйэҥҥит, эһиги сырдык буоллугут, онон сырдык оҕолорунуу олоруҥ,