30 Бу эппиттэригэр хоруйдаан Иисус: «Бу саҥа Мин туспар буолбатах, норуот туһугар иһилиннэ, – диэбитэ. –
Ол кэмҥэ онно суох буолан биэрбиппиттэн Мин эһиги тускутугар үөрэбин эрэ. Билигин эһиги итэҕэйиэххит. Киниэхэ барыаҕыҥ».
Эн Миигин өрүү истэргин билэбин эрээри, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйэллэрин туһугар, бу турар дьоҥҥо анаан маны эттим».
Аан дойду дьүүллэнэр кэмэ кэллэ, билигин бу аан дойду баһылыга киэр үүрүллүөҕэ.
Ол эрээри Мин киһиттэн туоһу эрэйбэппин, маны барытын эһиги быыһанаргыт туһугар этэбин.
Айыы Тойоммут Иисус Христос үтүө санаалааҕын бэйэҕит билэҕит: Кини баай эрээри, дьадаҥытынан эһигини байытаары, эһиги тускутугар дьадайбыта.