Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 12:26 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

26 Ким Миэхэ сулууспалыыр, ол Миигин батыстын; Мин ханна баарбын да, кини эмиэ онно буолуоҕа; Миэхэ сулууспалыыр киһини Мин Аҕам үрдүктүк тутуоҕа».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 12:26
34 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Онтон оҕунан ытыалаан, кинилэри ыспыта, чаҕылҕан бөҕөнөн дапсыырдаан, үрүө-тараа ыыппыта.


Кырдьан да баран, кини ас биэрэ туруоҕа, киил бэйэлээх, чэгиэн буолуоҕа;


Астаах маһын көрөр-харайар киһи маһын аһыттан амсайыаҕа, тойонун харыстыыр киһи ытыктабылга сылдьыаҕа.


Онтон үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар, ол бэйэтиттэн аккаастаннын, уонна кириэһин ылан, Миигин батыстын.


„Бэрт сөпкө гыммыккын, итэҕэллээх үтүө үлэһитим! Эн кыраҕа да ситэри итэҕэллээх эбиккин, онон эйиэхэ өссө улаханы итэҕэйиэҕим. Кэл, киир, тойоҥҥун кытта бииргэ үөр-көт“.


Ол кэннэ үөрэнээччилэрин кытта бииргэ норуоту ыҥыран ылан эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар, ол бэйэтиттэн аккаастаннын уонна кириэһин ылан Миигин батыстын.


Тойонноро кэлэригэр сэргэх олорбут кулуттар алгыстаахтар. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: тойонноро бэйэтэ курданан баран, кинилэри остуол тула олордон, ас тэрийэн аһатыа.


Эһиги Миигин „Тойоммут! Тойоммут!“ диэн ыҥыраҕыт эрээри, этэрбин тоҕо толорбоккутуй?


Итиэннэ барыларыгар эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар – бэйэҕиттэн аккаастан уонна кириэскин сүгэн Миигин батыс.


Бэйэм барааннарым Мин саҥабын истэллэр, Мин эмиэ кинилэри билэбин, онон Миигин батыһаллар.


Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кулут тойонунааҕар улахан буолбат, ким эмэ ыыппыт киһитэ ыыппытынааҕар улахан буолбат.


Миигин таптыыр буоллаххытына, Мин кэриэстэрбин толоруҥ.


Эһиги олорор сиргитин бэлэмнээн баран, эргиллэн кэлиэм, итиэннэ эһиги эмиэ Миигин кытта бииргэ буоларгыт туһугар, эһигини Бэйэбэр ылыам.


Кулут тойонуттан улахан буолбат диэн эппиппин өйдүү сылдьыҥ. Миигин сойуоласпыт буоллахтарына, эһигини эмиэ сойуолаһыахтара; Мин тылбын толорбут буоллахтарына, эһиги тылгытын эмиэ толоруохтара.


Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр.


«Кини, Мин кэлиэхпэр диэри, баар буолуон баҕарар буоллахпына, онно эн тугуҥ кыһалҕатай? – диэбитэ Иисус. – Эн Миигин батыс!»


Таҥара Евангелиетын бар дьоҥҥо иһитиннэрэргэ талыллан ыҥырыллыбыт Апостолтан, Иисус Христос кулута Павелтан.


Христоска итинник сулууспалыыр киһи Таҥараҕа сөбүлэтэр уонна бар дьон ытыктабылын ылар.


Биһиги бэйэбитин биллэрэ сатаабаппыт ээ, Христос Иисуһу, Айыы Тойону биллэрэбит, оттон бэйэбит эһиэхэ Иисус туһугар – кулуттарбыт.


эрдээхтик сананабыт уонна бу эппититтэн-сииммититтэн тахсан дьиэбитигэр, Айыы Тойоҥҥо тиийэн олохсуйуохпутун баҕарабыт.


Туох дии саныыгытый, мин билигин дьон биһирэбилигэр дьулуһа сатыырым буолуо дуо, Таҥара биһирэбилигэр дуу? Дьоҥҥо бэрт буола сатыырым буолуо дуо? Билиҥҥэ диэри дьон санаатын таба сатыырым эбитэ буоллар, Христос кулута буолуом суоҕа этэ.


икки баҕа санаа миигин үүйэ тутар: биир өттүттэн олохтон туораан Христостуун бииргэ буолуохпун баҕарабын (бу тэҥэ суох ордук),


Эһиэннэриттэн Епафрас, Иисус Христос кулута, эһиэхэ эҕэрдэтин ыытар. Эһиги бары өттүнэн ситэн-хотон, Таҥара көҥүлүн хото толорор дьон буолан, сүһүөххүтүгэр бигэтик тураргыт туһугар, кини өрүү туруулаһан туран үҥэр.


Таҥарабыт уонна Быыһааччыбыт, кырдьыгы тутуһар Иисус Христос, эмиэ биһиэхэ биэрбитин курдук, күндүттэн күндү итэҕэли биэрбит дьонугар – Иисус Христос кулута уонна Апостола Симон Петртан.


Таҥараҕа таптал диэн Кини кэриэстэрин тутуһуу буолар, оттон Кини кэриэстэрэ тутуһарга ыарахана суохтар.


Аҕа Таҥара сибэтии гыммыт, Иисус Христос араҥаччылаабыт ыҥырыылаах дьонугар – Иисус Христос кулута, Иаков быраата Иудаттан.


Бу – дьахтарга чугаһаабатах, ыраастарын сүтэрбэтэх уолунан сылдьар дьон; бу – Бараан Оҕото хайа диэки барар да, ону батыһааччылар. Таҥараҕа уонна Бараан Оҕотугар анаммыт бастыҥ үүнүү буолалларын быһыытынан, Таҥара кинилэри киһи аймахтан толуйан ылбыта.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ