Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 11:43 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

43 Инньэ диэн баран, Иисус күүстээх куолаһынан: «Лазарь, таҕыс!» – диэн ыҥырбыта.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 11:43
12 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Үөрэнээччилэр, ис-истэриттэн куттанан кэлэн: «Кимий – бу Кини? – дэһиспиттэрэ. – Тыал да, муора да тоҕо Киниэхэ бас бэринэллэрий?»


Эн Миигин өрүү истэргин билэбин эрээри, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйэллэрин туһугар, бу турар дьоҥҥо анаан маны эттим».


Онуоха илиитэ-атаҕа өлүнньүк таҥаһынан сууламмыт киһи тахсан кэлбитэ; сирэйэ былаатынан саба баайылла сылдьара. «Сирэйин сабыытын сүөрүҥ, бардын», – диэбитэ Иисус турар дьоҥҥо.


Паасха буолуо алта күн иннинэ Иисус Вифанияҕа кэлбитэ, онно Кини тилиннэрбит киһитэ Лазарь баара.


Иудейдар үгүстэрэ Кини онно баарын билэн, Иисус туһуттан эрэ буолбакка, өссө Кини тилиннэрбит Лазарын туһуттан кэлэллэрэ.


Маны көрөн, Петр мустубут дьоҥҥо эппитэ: «Израиль дьоно! Биһигини тоҕо дьиктиргээбиттии одуулаһан тураҕыт? Биһиги бэйэбит күүспүтүнэн дуу, үтүөбүтүнэн дуу кинини хаамар гыммыт буолбатахпыт.


«Үрүҥ да, кыһыл да көмүһэ суохпун, – диэбитэ Петр, – ол гынан баран туох баардаахпыттан эйиэхэ бэрсэбин: Иисус Христос Назорей аатынан этэбин – туран хаамп!»


«Эней! Иисус Христос эйигин үтүөрдэр, туран тэллэххин хомуй», – диэбитэ Петр. Эней сонно туран кэлбитэ.


Петр барыларын хостон таһааран баран, сөһүргэстээн туран Таҥараҕа үҥпүтэ, онтон бокуонньукка туһаайан: «Тавифа, тур!» – диэбитэ. Дьахтар хараҕа аһыллан, Петры көрөн баран, оронугар олоро түспүтэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ