Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 11:40 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

40 «Итэҕэйдэххинэ, Таҥара күүһүн көрүөҥ диэн эйиэхэ эппэтэҕим дуо?» – диэбитэ Иисус.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 11:40
15 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Айыы Таҥара, иһит мин муҥатыйар саҥабын, суостаах өстөөхтөн өрүһүй дууһабын.


Уһун олоҕунан Мин кинини дуоһутуом, быыһаан ыларбын киниэхэ көрдөрүөм».


«Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;


Иисус киниэхэ эппитэ: «Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына, итэҕэйээччигэ туох барыта кыаллар».


Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.


«Ити өлөр ыарыы буолбатах, Таҥараны албан аатырдар ыарыы, – диэбитэ Иисус, илдьити истэн баран. – Итинэн Таҥара Бэйэтин Уолун албан аатырдыахтаах».


Иисус кэрэмэн килбиэнин көрбүт буолан, Исайя Кини туһунан итинник эппитэ.


«Бэйэтин да, төрөппүттэрин да аньыыларыттан буолбатах, – диэбитэ Иисус. – Кини, Таҥара күүһэ кини олоҕор көстөрүн туһугар, хараҕа суох буолбут.


Онон өлүүгэ сүрэхтэнэн, Кинилиин бииргэ көмүллэммит, Аҕатын килбиэннээх күүһүнэн өлбүттэртэн тиллибит Христос курдук билигин биһиги эмиэ саҥа олоҕу олорор кыахтаахпыт.


Биһиги бука бары сирэйбитин саптыбакка эрэ, Айыы Тойон кэрэмэн килбиэнин сиэркилэҕэ көрөр курдук көрөн, килбиэнтэн килбиэҥҥэ ыттан, улам Киниэхэ маарыннаан иһэбит. Бу барыта Айыы Тойон Тыынын дьайыыта буолар.


Тоҕо диэтэххэ, «хараҥаттан сырдык тыктын» диэбит Таҥара, Иисус Христос сирэйигэр сыдьаайбыт Бэйэтин килбиэнин биллэрэн биһигини сырдатаары, сүрэхпитигэр күндэлэс сырдыгынан сыдьаайбыта.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ