29 Миэхэ кинилэри биэрбит Аҕам кимтэн да улахан, онон Аҕабыттан ким да кинилэри былдьыыр кыаҕа суох.
Баарым тухары Айыы Тойону айхаллыам; тыыннааҕым тухары Таҥарабар ырыа ыллыам. Эрэнимэҥ кинээстэргэ, кимиэхэ даҕаны – кинилэр эһигини быыһыахтара суоҕа.
Мин кинилэргэ бараммат олоҕу биэрэбин: кинилэр хаһан даҕаны өлүөхтэрэ суоҕа, ким да Миигиттэн кинилэри былдьаан ылыа суоҕа.
Аҕам биһикки – биирбит».
Эһигиттэн барыам итиэннэ эһиэхэ эмиэ кэлиэм диэн эппиппин иһиттигит. Эһиги Миигин таптыыргыт эбитэ буоллар, Аҕабар барабын диэбиппиттэн үөрүө этигит: Мин Аҕам Миигиннээҕэр улахан.
Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа.
Эн Киниэхэ бүтүн киһи аймах үрдүнэн былааһы биэрбитиҥ курдук, Кини эмиэ Эн Киниэхэ биэрбит дьоҥҥор бараммат олоҕу биэриэҕэ.
Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар.
Мин кинилэр тустарыгар көрдөһөбүн: бүтүн аан дойду туһугар буолбатах, Миэхэ Эн биэрбит дьонуҥ туһугар көрдөһөбүн – кинилэр Эйиэннэрэ буолаллар эбээт.
Аҕам Миэхэ тугу биэрэрэ барыта Миэхэ кэлиэҕэ, Миэхэ кэлээччини Мин киэр үүрүөм суоҕа: