Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 10:14 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

14 Мин үтүө маныыһыппын: Мин Бэйэм барааннарбын билэбин, кинилэр эмиэ Миигин билэллэр.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 10:14
23 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Айыы Тойон көнө дьон суолун билэр, оттон нэгэйдэр суоллара өлүүгэ тиэрдэр.


Мин үтүө маныыһыппын: үтүө маныыһыт барааннарын туһугар олоҕун толук биэрэр.


Наймыласпыт маныыһыт наймылаһан үлэлиир буолан, барааннарга кыһаммакка, куотан хаалар.


Бэйэм барааннарым Мин саҥабын истэллэр, Мин эмиэ кинилэри билэбин, онон Миигин батыһаллар.


Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.


Эн Миэхэ биэрбит тылларгын Мин кинилэргэ тиэртим; кинилэр ону ылынан, Мин Эйигиттэн кэлбиппин дьиҥнээхтик өйдөөтүлэр, Миигин Эн ыыппыккын итэҕэйдилэр.


Тоҕо диэтэххэ, «хараҥаттан сырдык тыктын» диэбит Таҥара, Иисус Христос сирэйигэр сыдьаайбыт Бэйэтин килбиэнин биллэрэн биһигини сырдатаары, сүрэхпитигэр күндэлэс сырдыгынан сыдьаайбыта.


Айыы Тойоммут Иисус Христос Таҥарата – албан ааттаах Аҕа – эһиэхэ, Кинини билэргит туһугар, муударай оҥорор, Таҥараны биллэрэр Тыыны биэриэхтин;


Христос хайдахтаах да өркөн өй ситэн өйдөөбөт тапталын билэн, Таҥара айылгытын толору ылынаргыт туһугар, мин Киниттэн көрдөһөбүн.


Христос Иисуһу, Айыы Тойоммун билэрбин туохтааҕар да үрдүктүк санааммын, билигин тугу барытын солуута суох курдук көрөбүн: Кини туһугар мин туохтан барытыттан аккаастанным, Христоһу кытта бииргэ буолаары, тугу барытын бөххө-сыыска холоотум.


Ол иһин билигин маннык эрэйдэнэ да сырыттарбын, кыбыстыбаппын: Кими итэҕэйэрбин билэбин. Мин Киниэхэ тугу солуок туттарбыппын Кини ол Күҥҥэ тиэрдэр кыахтааҕар бигэтик эрэнэбин.


Ол эрээри «Таҥара Бэйэтин дьонун билэр» уонна «Айыы Тойон аатын итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи куһаҕантан тэйиэхтин» диэн бэчээттээх Таҥара бөҕө акылаата халбаҥнаабат.


Итиэннэ Таҥара Уола кэлэн, биһиги дьиҥнээх Таҥараны билэрбит, Кини Уолун Иисус Христоһу кытта бииргэ буоларбыт туһугар, биһиэхэ сырдыгы, өйдүүр кыаҕы биэрбитин эмиэ билэбит. Кини баар дьиҥнээх Таҥара уонна бараммат олох.


эн бары дьайыыгын билэбин. Төһө да эн сатана бүрүстүөлэ турар сиригэр олордоргун, Мин ааппын түһэн биэрбэтэҕиҥ, бэл эһиэхэ – сатана олорор сиригэр – эрэллээх кэрэһиппин Антипаны өлөрбүт күннэригэр Миэхэ итэҕэлгиттэн аккаастамматаҕыҥ.


эн бары дьайыыгын, тапталгын, үлэҕин, итэҕэлгин, кытаанах тулуургун итиэннэ кэлиҥҥи дьайыыларыҥ маҥнайгыларгынааҕар ордук улаханнарын билэбин.


Эн бары дьайыыгын, сыралаах үлэҕин, кытаанах тулуургун билэбин; содур дьону кыайан тулуйбаккын, Апостол буолбатах эрээрилэр, Апостолларбыт дэнээччилэри тургутан көрөн, сымыйаларын арыйбыккын эмиэ билэбин.


Эн бары дьайыыгын, эрэйи-муҥу көрөргүн, дьадаҥыгын (дьиҥэр эн баайгын), иудейдарбыт дэнээччилэр эйигин холуннаралларын билэбин; кинилэр иудейдар буолбатахтар, сатана муспут дьонноро буолаллар.


Сардис сиэркэбин Аанньалыгар суруй: «Таҥара сэттэ тыынын кытта сэттэ сулуһу Тутан Турааччы маннык этэр: эн бары дьайыыгын билэбин – тыыннаах курдук ааттааххын-суоллааххын эрээри, дьиҥэр, өлбүккүн.


эн бары дьайыыгын билэбин: эн тымныыта да, итиитэ да суоххун. Оо, арай тымныы дуу, итии дуу эбитиҥ буоллар!


Эн бары дьайыыгын билэбин; көр бу, Мин эйиэхэ ааны тэлэччи астым, ким да бу ааны төттөрү сабар кыаҕа суох; күүһүҥ кыра да буоллар, Мин этэр тылбын тутустуҥ, Мин ааппыттан аккаастамматыҥ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ