6 Таҥара ыыппыт киһитэ кэлбитэ, аата Иоанн диэн этэ.
Суруйууларга кини туһунан маннык этиллибитэ: „Көр бу, Эн иннигэр Мин илдьит киһибин ыытабын, кини Эн барар суолгун солуоҕа“.
Иоанн сүрэхтээһинэ хантан көҥүллээх этэй: Таҥараттан дуу, дьонтон дуу?» Кинилэр бэйэлэрин икки ардыларыгар сүбэлэспиттэрэ: «Таҥараттан диэтэхпитинэ, оччоҕо тоҕо кинини итэҕэйбэтэххитий диэҕэ.
Аанньал киниэхэ эппитэ: «Куттаныма, Захария, эн үҥэриҥ Таҥараҕа тиийдэ. Кэргэниҥ Елисавета эйиэхэ уол оҕону төрөтүөҕэ, эн оҕоҕун Иоанн диэн ааттыаҥ.
Оттон эн, кыһыл оҕо, Үрдүк Таҥара пророга диэн ааттаныаҥ: Айыы Тойон иннигэр бараҥҥын, Кини суолун солуоҥ,
Мин Кинини урут билбэт этим, ол гынан баран ууга сүрэхтэтэ миигин Ыытааччы миэхэ Тыын үөһэттэн түһэн Кимиэхэ тохтуур да, Ол – Сибэтиэй Тыынынан Сүрэхтээччи буолар диэбитэ.
„Мин Христос буолбатахпын, Кини иннигэр ыытыллыбытым“ диэн эппиппин эһиги бэйэҕит бигэргэтэр кыахтааххыт.
Кини кэлиэн аҕай иннинэ, Иоанн Израиль норуотун бүтүннүүтүн аньыыны билинии бэлиэтигэр сүрэхтэнэргэ ыҥырбыт.