Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 1:32 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

32 Онтон Иоанн маннык туоһулаабыта: «Тыын холууп курдук халлаантан Киниэхэ түһэрин көрбүтүм.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 1:32
7 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Иисус сүрэхтэнээт, ууттан тахсыбытыгар арай Кини үрдүгэр Халлаан арыллан биэрбитэ, онно көрдөҕүнэ, Таҥара Тыына холууп курдук Киниэхэ түһэн иһэрэ.


Ууттан тахсан иһэн Кини Халлаан арыллан эрэрин уонна Сибэтиэй Тыын холууп курдук Киниэхэ түһэн иһэрин көрбүтэ.


Сибэтиэй Тыын холууп курдук көрүҥнэнэн Киниэхэ түһэн кэлбитэ, онуоха Халлаантан: «Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум Эн бааргын!» – диир саҥа дуораһыйбыта.


Мин Кинини билбэт этим гынан баран, Кини Израильга биллэрин туһугар ууга сүрэхтии кэлбитим».


Бары киниттэн истэн итэҕэйэллэрин туһугар, кини дьоҥҥо сырдык туһунан кэрэһиттии кэлбитэ.


Миигин туоһулуур Атын Туоһу баар, Кини Мин туспунан этэрэ кырдьыктааҕын билэбин.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ