26 «Мин ууга сүрэхтиибин, – диэбитэ Иоанн. – Оттон эһигини кытта Ким турарын эһиги билбэккит:
Мин эһигини аньыыны билинии бэлиэтигэр уунан сүрэхтиибин, ол гынан баран кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи миигиннээҕэр күүстээх – мин Кини атаҕын таҥаһын да тутан иһэргэ сөбө суохпун. Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан уонна уотунан сүрэхтиэҕэ;
аньыыларын-хараларын этинэн туран, Иордан өрүскэ киниэхэ сүрэхтэммиттэрэ.
Мин эһигини уунан сүрэхтээтим, оттон Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтиэҕэ».
Иоанн, бары истэн турдахтарына, эппитэ: «Мин эһигини уунан сүрэхтиибин, ол гынан баран кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи миигиннээҕэр күүстээх. Мин Кини атаҕын таҥаһын быатын да сүөрэргэ сөбө суохпун. Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан уонна уотунан сүрэхтиэҕэ.
Кинилэр Мин Аҕабын да, Миигин да билбэт буолан, оннук быһыыланыахтара.
Кырдьыктаах Аҕаа! Бу аан дойду Эйигин билбэтэх; оттон Мин Эйигин билэбин, кинилэр эмиэ Эн Миигин ыыппыккын биллилэр.
Эйигин, соҕотох дьиҥнээх Таҥараны, уонна Эн ыыппыт Иисус Христоскун билии – бу баар бараммат олох.
Маныаха Киниттэн: «Аҕаҥ ханна баарый?» – диэн ыйыппыттара. «Эһиги Миигин да, Аҕабын да билбэккит. Миигин билэргит эбитэ буоллар, Аҕабын эмиэ билиэ этигит», – диэбитэ Иисус.
Иоанн уунан сүрэхтиирэ, оттон эһиги бу кэннэ аҕыйах хонугунан Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтэниэххит».
Онуоха мин: „Иоанн уунан сүрэхтиирэ, эһиги буоллаҕына Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтэниэххит“, – диэн Айыы Тойон урут биһиэхэ этэрин өйдөөн кэлбитим.
«Иоанн аньыыны билинии бэлиэтигэр сүрэхтиирэ, – диэбитэ Павел. – Кини кэнниттэн Кэлээччини – Христос Иисуһу – итэҕэйэллэригэр ыҥырара».
Аҕабыт биһиэхэ хайдахтаах курдук тапталы бэлэхтээбитий! Биһиги Таҥара оҕолорунан ааттанабыт. Кырдьык, биһиги Кини оҕолоро буоллубут; бу дойду Кинини билбэт буолан, биһигини билбэт.