24 Онуоха фарисейдар ыыппыт дьонноро ыйыппыттара:
Хараҕа суох фарисей! Бастаан иһитиҥ иһин ыраастаа, оччоҕо таһа да ырааһырыа.
Иисус маны эппитигэр сокуонньуттар уонна фарисейдар кыһарыйан туран, Киниттэн элбэҕи ыйытан киирэн барбыттара;
Харчыга ымсыылаах фарисейдар маны истэн, Кинини күлүү гыммыттара.
оттон фарисейдар уонна сокуонньуттар киниэхэ сүрэхтэммэккэ, Таҥара көҥүлүн бэйэлэриттэн тэйиппиттэрэ.)
Иоанн эппитэ: «Исайя пророк эппитин курдук, мин „Айыы Тойоҥҥо көнө суолла солооҥ“ диэн кураайы куйаарга үөгүлээччи саҥатынабын».
«Эн Христос да, Илия да, Пророк да буолбатах буоллаххына, тоҕо сүрэхтиигин?»
Саддукейдар өлбүттэр тиллиэхтэрэ суоҕа, Аанньаллар да, тыыннар да суохтар дииллэр, оттон фарисейдар ону барытын билинэллэр.)
Кинилэр миигин өрдөөҥүттэн билэллэр, онон баҕараллара эбитэ буоллар, биһиги итэҕэлбит саамай кытаанах бөлөҕүн ыйыытынан фарисей быһыытынан олорбуппун бэйэлэрэ да туоһулуо этилэр.