Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 1:21 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

21 «Оччоҕо кимҥиний, – диэбиттэрэ. – Илияҕын дуо?» «Суох», – диэбитэ кини. «Пророккун дуо?» «Суох», – диэн хоруйдаабыта.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 1:21
12 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Онон билиэххитин баҕарар буоллаххытына, кэлиэхтээх Илия кини буолар.


«Сорох Иоанн Сүрэхтээччи, сорох Илия, сорох Иеремия биитэр пророктартан биирдэстэрэ диир», – диэн үөрэнээччилэрэ хоруйдаабыттара.


«Галилея Назаретыттан төрүттээх Пророк Иисус!» – диэн мустубут дьон хоруйдууллара.


аҕалары оҕолорун кытта эйэлэһиннэрэн, бас бэриммэттэри кырдьык суолугар төнүннэрэн, норуоту Айыы Тойон кэлэригэр бэлэмнээри, Илия курдук тыыннанан-күүстэнэн Кини иннигэр баран иһиэҕэ».


«Оччоҕо кимҥин эт, – диэбиттэрэ. – Биһигини ыыппыт дьоҥҥо тиэрдиэхпитин бэйэҥ тускунан тугу этэҕин?»


«Эн Христос да, Илия да, Пророк да буолбатах буоллаххына, тоҕо сүрэхтиигин?»


Иисус дьиктини оҥорбутун көрөн олорбут дьон: «Бу дойдуга кэлиэхтээх Пророк чахчы бу Кини эбит!» – диэн түмүккэ кэлбиттэрэ.


Мустан турбут дьон халыҥ халҕаһатыттан үгүстэр бу тыллары истэн: «Кини чахчы Пророк эбит!» – дэспиттэрэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ