Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 1:17 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

17 Сокуону Таҥара Моисейынан бэрдэрбитэ, оттон тапталы уонна кырдьыгы Иисус Христос аҕалбыта.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 1:17
37 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Эн улуугун, сөҕүмэр дьайыылары оҥороҕун, Эйигиттэн атын Таҥара суох.


Уруйдаатыннар кинилэр Эн улуукан дьулаан ааккын; Эн аатыҥ сибэтиэй!


Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.


Иисус хоруйдаабыта: «Мин Суол, Кырдьык уонна Олох буолабын; Аҕабар Миигинэн эрэ кэлиэххэ сөп, атын суол суох.


«Ол аата Эн Ыраахтааҕы буоллаҕыҥ дии?» – Пилат ыйыппыта. «Ыраахтааҕыгын диэн эн этэҕин, – диэбитэ Иисус. – Мин кырдьык туһунан туоһулаары төрөөбүтүм, ол туһугар бу дойдуга кэлбитим; кырдьыгы таптыыр киһи Мин саҥабын истэр».


Аҕатын иннигэр биһигини буруйдуо дии санаамаҥ: эрэнэр Моисейгыт эһигини буруйдуоҕа.


Моисей эһиэхэ Сокуону биэрбэтэҕэ этэ дуо? Ол үрдүнэн хайаҕыт да Сокуону тутуспат. Эһиги тоҕо Миигин өлөрөр сылтаҕы көрдүүгүт?»


Эһиги кырдьыгы билиэххит, оччоҕо кырдьык эһигини босхолуо».


Моисейдыын Таҥара кэпсэппитин билэбит, оттон бу Киһи хантан кэлбитин да билбэппит».


Онон көрсөр күннэрин болдьоһон, үлэхтээх күннэригэр Павел түһэн олорор дьиэтигэр бэрт элбэх киһи тиийэн кэлбитэ. Кини кэлбит дьоҥҥо сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээн, Иисус туһунан этиллибит барыта кырдьыктааҕын Моисей Сокуонугар уонна Пророктарга олоҕуран, өйдөтөн-быһааран биэрбитэ.


Бу кинилиин, Моисейдыын, кураайы куйаарга түмсүбүт дьону кытта бииргэ сырыттаҕына, Синай хайатыгар Аанньал кэпсэппит, бу кини биһиги өбүгэлэрбитин кытта бииргэ сылдьыбыт, тыыннаах тыллары ылан биһиэхэ биэрбит;


Аньыы аны эһигини салайыа суохтаах: эһиги Сокуон былааһыгар буолбакка, Таҥара илгэлээх үтүөтүн былааһыгар олороҕут.


Таҥара тугу эрэннэрбитин барытын толорор «сөп» диэн харда – Христос Бэйэтэ буолар! Ол иһин, Таҥараны албан аатырдар туһугар, биһиги Кинини кытта биир буоламмыт, «Дьиҥ чахчы оннук, аминь!» диэн саҥа аллайабыт.


Онон мин этиэхпин баҕарабын: Таҥара бигэргэппит Христос туһунан кэс тылын күүһүн түөрт сүүс отут сыл буолан баран үөскээбит Сокуон өһүлэн көтүрэр кыаҕа суох.


Сокуон быһыытынан туох баар барыта даҕаны хаанынан ыраастанар, толук хаан тохтуон иннинэ, буруй-аньыы бырастыы гыныллыбат.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ