Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Иоанн 1:14 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

14 Тыл Киһи буолан Киниэхэ толору баар илгэлээх үтүөнэн, кырдьыгынан сыдьаайан, биһигини кытта олорбута, онон биһиги Кини кэрэмэн килбиэнин, Аҕа Төрөппүт соҕотох Уолун килбиэнин, көрбүппүт.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Иоанн 1:14
60 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Айыы Тойон ыйааҕын Мин иһитиннэриэм: Кини эттэ: «Эн Миэхэ Уолум буолаҕын, Мин бүгүн Эйигин төрөттүм;


Айыы Таҥара – биһиги халыҥ хаххабыт, күдэн күүспүт, хайа да алдьархайга түргэн көмөлөһөөччүбүт.


Айбыт норуоттарыҥ, бука бары кэлэннэр, Эн иннигэр нөрүөн нөргүйүөхтэрэ, Айыы Тойон, Эн ааккын кинилэр айхаллыахтара.


Иаков Мария кэргэнин Иосибы төрөппүтэ, оттон Марияттан Христос диэн ааттаммыт Иисус төрөөбүтэ.


бүгүн эһиэхэ, Давид куоратыгар, Быыһааччы – Христос Айыы Тойон – төрөөтө.


бастакы Уолун төрөппүтэ; түһэр дьиэҕэ хонук сиргэ тиксибэккэлэр, Кини Оҕотун суулаан баран күкүргэ сытыарбыта.


Петр аргыстарыныын ууларыгар баттатан, утуйан хаалбыттара, ол эрээри уһуктан кэлэн Иисус кэрэмэн килбиэнин итиэннэ Кинини кытта икки киһи турарын көрбүттэрэ.


Аан бастаан Тыл баара, Тыл Таҥараҕа баара, Тыл Таҥара этэ.


«Итэҕэйдэххинэ, Таҥара күүһүн көрүөҥ диэн эйиэхэ эппэтэҕим дуо?» – диэбитэ Иисус.


Иисус хоруйдаабыта: «Мин Суол, Кырдьык уонна Олох буолабын; Аҕабар Миигинэн эрэ кэлиэххэ сөп, атын суол суох.


«Бачча тухары Мин эһигинниин бииргэ сырыттым, ол тухары эн Миигин билбэтэххин дуу, Филипп? – диэбитэ Иисус. – Ким Миигин көрбүт, ол Аҕабын көрбүт. Биһиэхэ Аҕаҕын көрдөр диэн хайдах эн этэҕин?


Эн Биһикки биирбит курдук кинилэр эмиэ биир буолалларын туһугар, Эн Миэхэ биэрбит килбиэҥҥин Мин кинилэргэ биэрдим.


Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр.


«Ол аата Эн Ыраахтааҕы буоллаҕыҥ дии?» – Пилат ыйыппыта. «Ыраахтааҕыгын диэн эн этэҕин, – диэбитэ Иисус. – Мин кырдьык туһунан туоһулаары төрөөбүтүм, ол туһугар бу дойдуга кэлбитим; кырдьыгы таптыыр киһи Мин саҥабын истэр».


Ити курдук Иисус Галилея Канатыгар дьикти бэлиэни аан маҥнай оҥорон, Бэйэтин килбиэнин көрдөрүөҕүттэн ыла үөрэнээччилэрэ Кинини итэҕэйбиттэрэ.


Таҥара бу аан дойдуну ол курдук таптаан, Бэйэтин Төрөппүт Соҕотох Уолун, Кинини итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, биэрбитэ».


Кинини итэҕэйэр киһи дьүүллэммэт, оттон итэҕэйбэт киһи, Таҥара Төрөппүт соҕотох Уолун аатын итэҕэйбэтэх буолан, хайыы-үйэ дьүүллэнэн турар.


Мин Халлаантан түспүт тыыннаах килиэппин: ким бу килиэби сиир, ол үйэлэр тухары олоруоҕа; Мин биэрэр килиэбим – Мин аан дойду олоҕун туһугар толук биэрэр Бэйэм Этим-сииним».


Эһиги кырдьыгы билиэххит, оччоҕо кырдьык эһигини босхолуо».


Бу туһунан иккис псаломҥа „Эн Миэхэ Уолум буолаҕын, бүгүн Мин Эйиэхэ Аҕа буоллум“ диэн этиллэр.


Биһиги сатарыйбыт эт-хаан айылҕабыт утарылаһарыттан мөлтөөбүт Сокуон кыайан оҥорботоҕун Таҥара оҥорбута: Кини Бэйэтин Уолун киһи аньыылаах этигэр-сиинигэр холоонноох этттээн-сииннээн дьон аньыытын боруостуур сиэртибэҕэ ыыппыта, онон Кини киһиэхэ дьайа сылдьар аньыыга бүтэһиктээх бириигэбэр таһаарбыта.


кинилэр улуу төрүттэрдээхтэр, үйэттэн үйэҕэ алгыстаах, баартан барытыттан үрдүк Таҥара – Христос – эмиэ кинилэр ортолоругар төрөөбүтэ, аминь.


Бастакы киһи сирдээҕи буолан сир-буор састааптааҕа; оттон иккис киһи – халлаантан кэлбит Айыы Тойон.


Онуоха Айыы Тойон: «Эйиэхэ Мин илгэлээх үтүөм тиксибитэ да сөп, Мин күүһүм мөлтөххө ордук күүскэ дьайар», – диэбитэ. Дьэ ол иһин мин Христос күүһэ миэхэ күүскэ дьайарын туһугар, мөлтөхпүнэн хайҕанарбын быдан ордоруом.


оттон туһааннаах кэмэ кэлбитигэр, Таҥара Сокуон анныгар сылдьааччылары толуйан ылан, биһигини оҕолорунан ааттаары, дьахтартан төрөөбүт, Сокуоҥҥа бас бэриммит Уолун ыыппыта.


Бу илгэлээх үтүө бэлэх, сибэтиэйдэртэн саамай кыраларыгар, миэхэ, Христос хайдахтаах курдук баайын атын норуоттарга иһитиннэрэрим,


тоҕо диэтэххэ, Таҥара Бэйэтин айылгыта Уолугар толору баар буолуон баҕарбыта.


Киниэхэ, Христоска, түмүллэн сылдьар эбээт бары муударас, бары билии күндү кылаата!


Таҥара толору айылгыта Киниэхэ – сиргэ киһи буолан олорбут Христоска – баар,


Биһиги итэҕэлбит кистэлэҥэ, туох да мөккүөрэ суох, сүрдээх сүдү: «Таҥара Киһи буолан кэлэн, Сибэтиэй Тыынынан кырдьыгын туоһулаппыта, Аанньалларга Бэйэтин көрдөрбүтэ, араас норуоттарга иһитиннэриллибитэ; аан дойду дьонун итэҕэлин ылбыта, албан аатыран үөһэ ылыллыбыта».


Уола, Аҕатын кэрэмэн килбиэнин сыдьаайа, ис дьиҥин уобараһа, сири-халлааны барытын этэр тылын күүһүнэн салайар. Кини биһиги аньыыбытын-харабытын Бэйэтинэн ыраастаан баран, үөһэ баар улуу бүрүстүөл уҥа өттүгэр олорбута.


Аанньалларга биирдэстэригэр эмэ хаһан эмит Таҥара: «Эн Мин Уолум буолаҕын, Мин бүгүн Эйигин төрөттүм», – уонна: «Киниэхэ Мин Аҕата буолуом, Кини Миэхэ Уолум буолуо», – диэн эппиттээҕэ дуо?


Ол иһин Христос сиргэ кэлэригэр Таҥараҕа этэр: «Эн сиэртибэ да, бэлэх-туһах да ылыаххын баҕарбатыҥ, ол оннугар Миэхэ эти-сиини бэлэмнээтиҥ.


Сибэтии гынааччы да, сибэтии буолааччылар да бары Аҕалара биир буолан, Кини бу дьону бырааттарым диэн симиттибэккэ этэр:


Христос эмиэ Архиерей буолар чиэһи Бэйэтинэн көрдөөн ылбыт буолбатах – «Эн Мин Уолум буолаҕын, Мин бүгүн Эйигин төрөттүм» диэбит Таҥара Киниэхэ бу үрдүк солону биэрбитэ.


Ону биһиги, Кинини көрбүт дьон, Аҕата Уолун аан дойдуну быыһатаары ыыппыта диэн туоһулуубут.


Таҥара биһигини таптыырын бу аан дойдуга соҕотох Уолун, биһиги Кининэн олоххо тиксэрбит туһугар, ыытан биллэрбитэ.


Киһи буолан кэлбит Иисус Христоһу билиммэт албын-көлдьүн дьон бу аан дойдуга элбээтилэр: кинилэр албыннарын ааһан, Христоһу утараллар.


Таҥна сылдьар таҥаһа хаан буолбут. Кини аата – «Таҥара Тыла».


Онтон халлаантан сүҥкэн улахан саҥа дуораһыйарын истибитим: «Көр бу, Таҥара олоҕо аны киһи аймаҕы кытта бииргэ буолуоҕа. Кини дьону кытта бииргэ олоруоҕа, кинилэр эмиэ Таҥара норуота буолуохтара. Кини Бэйэтинэн дьону кытта сылдьан, кинилэр Таҥаралара буолуоҕа;


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ