Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Еврейдэргэ 8:3 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

3 Ханнык баҕарар архиерей бэлэх-туһах, сиэртибэ биэрэр аналлаах, онон Кини эмиэ тугу эрэ сиэртибэ биэриэхтээх этэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Еврейдэргэ 8:3
14 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Архиерей буоларга дьонтон сүүмэрдэнэн талыллар киһи аньыыны-хараны толуйан, Таҥараҕа бэлэх, сиэртибэ биэрэн, бар дьон туһугар Таҥараҕа сулууспалыырга ананар.


Христос биһигини таптаан, биһиги туспутугар Бэйэтин сайа илгийэр кэрэ бэлэх, Таҥараҕа сөбүлэтэр сиэртибэ быһыытынан биэрбитин курдук, эһиги эмиэ тапталынан салайтаран олоруҥ.


Бэйэтин эҥкилэ суох сиэртибэ быһыытынан Таҥараҕа Сибэтиэй Тыынынан бэриммит Христос Хаана хайдахтаах күүстээх буолуой! Биһиги дьиҥнээх, тыыннаах Таҥараҕа сулууспалыырбыт туһугар, Кини Хаана биһиги суобаспытын өлүүгэ тиэрдэр дьайыылартан ыраастыаҕа.


Кини Бэйэтин биирдэ бүтэһиктээхтик сиэртибэлэнэн, күн аайы урукку архиерейдар курдук маҥнай бэйэтин, онтон норуот аньыытын-харатын иһин сиэртибэ биэрэ турарга наадыйбат.


Христос биһигини хара дьайга кулуттааһынтан толуйан ылаары, үтүөнү оҥорорго ис дууһатыттан дьулуһар ураты норуот гына Бэйэтигэр ыраастаан ылаары, олоҕун толук уурбута.


Мин Халлаантан түспүт тыыннаах килиэппин: ким бу килиэби сиир, ол үйэлэр тухары олоруоҕа; Мин биэрэр килиэбим – Мин аан дойду олоҕун туһугар толук биэрэр Бэйэм Этим-сииним».


Иисус Христос биһиги аньыыбытын-буруйбутун боруостуур туһугар, өлөр өлүү илиитигэр бэриллибитэ, биһигини быыһыыр туһугар, тиллибитэ.


Христос, биһиги өссө мөлтөх эрдэхпитинэ, анаммыт кэмигэр аньыылаахтар тустарыгар өлбүтэ.


Оттон Христос биһиги өссө аньыылаах дьон эрдэхпитинэ, биһиги туспутугар өлбүтэ. Итинэн Таҥара биһиэхэ Бэйэтин тапталын көрдөрбүтэ.


онон аны мин суохпун, арай мин сүрэхпэр Христос баар; оттон бу сирдээҕи олохпун миигин таптаабыт, мин туспар толук буолбут Таҥара Уолугар итэҕэлбинэн олоробун.


Дьэ ол иһин, Кини Таҥара иннигэр амарах сүрэхтээх эрэллээх Архиерей буолан, норуот аньыытын-харатын бырастыы гыннарар туһугар, бырааттарыгар бары өттүнэн дьүөрэлэһиэхтээх этэ.


Онон, Халлааҥҥа бииргэ ыҥырыллыбыт сибэтиэй бырааттарбыт, өйгүтүн-санааҕытын бүтүннүүтүн итэҕэлбит Апостолыгар уонна Архиерейыгар Иисус Христоска туһаайыҥ.


Манна сиргэ хаалбыта эбитэ буоллар, Кини олох да аҕабыыт буолуо суоҕа этэ, тоҕо диэтэххэ, манна, иудей Сокуонун быһыытынан, сиэртибэ биэрэр атын аҕабыыттар бааллар.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ