8 Манна дэһээтинэни өлөр оҥоһуулаах дьон ылаллар, оттон онно Суруйуулар тыыннаах диэн туоһулуур киһилэрэ ылбыт.
Үйэлэр тухары Мелхиседек курдук Архиерей буолан, Иисус онно биһиги туспутугар маҥнайгынан киирбитэ.
Итини тэҥэ Суруйууларга «Эн үйэлэр тухары Мелхиседек курдук Аҕабыыт буолаҕын диэн эмиэ этиллэр».
үйэттэн үйэлэр тухары баарбын. Өлбүтүм гынан баран, көр бу, аны үйэлэр тухары тыыннаахпын, аминь; аад уонна өлөр өлүү саарыстыбатын күлүүһүн тыла Миэхэ баар.
Урут сиэртибэ биэрэр үлэһиттэр элбэх этилэр; өлөр оҥоһуулаах дьон буолан, кинилэр солбулла тураллара.
Бэрт кылгас кэминэн бу дойду Миигин аны көрүө суоҕа, оттон эһиги көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин тыыннааҕым курдук, эһиги эмиэ тыыннаах буолуоххут.
Оттон ол истибиттэртэн сорохторо утарылаһан тураллар гынан баран, Моисей Египеттэн таһаарбыт дьоно бүттүүннэрэ буолбатах.
Иисус хоруйдаабыта: «Мин Суол, Кырдьык уонна Олох буолабын; Аҕабар Миигинэн эрэ кэлиэххэ сөп, атын суол суох.
Киһи биирдэ өлөн баран, дьүүлгэ турарыныы,
Үрдүкү турааччы хаһан да бэйэтиттэн кыраны алгыыра мөккүөрэ суох.
Ол аата Авраам баайын уон гыммыт биир өлүүтүн Мелхиседеккэ биэрэригэр Левий бэйэтинэн киниэхэ дэһээтинэ биэрбит диэххэ сөп,