4 Итинник күн аайы этэллэрэ да, Мардохей истибэт этэ. Дьэ ол иһин кинилэр, тылын төһө бигэтик тутуһарын билээри (ол дьоҥҥо иудейбын диэн этэн турара), барытын Амаҥҥа кэпсээн биэрбиттэрэ.
«Мин дьэбириэйбин, – диэн хоруйдаабыта Иона, – АЙЫЫ ТОЙОҤҤО, байҕалы уонна сири айбыт халлааннааҕы Таҥараҕа, сүгүрүйэбин».
Дыбарыас олбуорун аанын аттыгар баар үлэһиттэр Мардохейы: «Ыраахтааҕы дьаһалын эн тоҕо кэһэҕиний?» – диэн сэмэлииллэрэ.
Аман, Мардохей кини иннигэр сөһүргэстээбэтин, сиргэ умса түһэн сүгүрүйбэтин иһин, улаханнык өһүрэ санаабыта.