5 Онтон үһүс бэчээти төлөрүппүтүгэр үһүс харамай: «Кэлэҥҥин көр!» – диир саҥатын истибитим. Көрбүтүм – арай хара ат турара; ол аты миинэн олорооччу илиитигэр ыйааһын биэтэҥнии сылдьара.
Онтон көрбүтүм Бараан Оҕото сэттэ бэчээттэн бастакытын төлөрүтэн ылбыта, онуоха түөрт харамайтан биирдэстэрэ сүллэр этиҥ куолаһынан: «Кэлэҥҥин көр!» – диир саҥата иһиллибитэ.
Кинилэр хаһан да ыллана илик саҥа ырыаны ыллаабыттара: «Эн бааргын кинигэни ылар, бэчээтин төлөрүтэр Улуу Кыахтаах! Эн толук сиэртибэ буолбутуҥ, хас биирдии биис уустан, тылтан, норуоттан, омуктан биһигини Таҥараҕа анаан Хааҥҥынан толуйбутуҥ,
Ытык кырдьаҕастартан биирдэстэрэ миэхэ туһаайан эппитэ: «Ытаама. Көр эрэ ол, Иуда аҕатын ууһуттан төрүттээх хахай, Давид силиһэ, кыайыылаах таҕыста, онон кини бу кинигэни арыйар, сэттэ бэчээтин төлөрүтэр кыахтаах».
Норуот норуоту, саарыстыба саарыстыбаны утары туруоҕа; сут, өлүүлээх сутул саҕаланыаҕа, онон-манан сир хамсааһына буолуталыаҕа.