4 Кинигэни арыйан ааҕар, муҥ саатар иһигэр туох баарын көрөр кыахтаах ким да көстүбэтэҕиттэн мин уйа-хайа суох ытаабытым.
Бу кэнниттэн көрбүтүм, арай халлааҥҥа аан аһыллан турара. Били урут истибит турба дорҕоонун санатар саҥам эмиэ иһиллэн: «Манна үөһэ таҕыс, бу кэнниттэн туох буолуохтааҕын эйиэхэ көрдөрүөм», – диэн ыҥырбыта.
Онуоха халлааҥҥа да, сиргэ да, сир анныгар да бу кинигэни арыйан иһин көрөр кыахтаах ким да көстүбэтэҕэ.
Ытык кырдьаҕастартан биирдэстэрэ миэхэ туһаайан эппитэ: «Ытаама. Көр эрэ ол, Иуда аҕатын ууһуттан төрүттээх хахай, Давид силиһэ, кыайыылаах таҕыста, онон кини бу кинигэни арыйар, сэттэ бэчээтин төлөрүтэр кыахтаах».