3 Онуоха халлааҥҥа да, сиргэ да, сир анныгар да бу кинигэни арыйан иһин көрөр кыахтаах ким да көстүбэтэҕэ.
«Ким Айыы Тойон өйүн ситэн өйдөөбүтэ баарай? Ким Киниэхэ сүбэһит-амаһыт буолбута баарай?
Онтон иһиттэхпинэ, халлааҥҥа да, сиргэ да, сир анныгар да, муораҕа да баар – айыллыбыт эрэ барыта: «Бүрүстүөлгэ Олорооччуга уонна Бараан Оҕотугар үйэттэн үйэҕэ алгыс, үрдүк чиэс, албан аат буолуохтун, Кинилэр баһылыыр былаастара туругура туруохтун!» – диэн этэрэ.
Кинигэни арыйан ааҕар, муҥ саатар иһигэр туох баарын көрөр кыахтаах ким да көстүбэтэҕиттэн мин уйа-хайа суох ытаабытым.