9 Бу, сатана муспут дьонун, иудейдарбыт дэнээччилэри (дьиҥэр, кинилэр иудейдар буолбатахтар, сымыйалара), көр бу, кэлэн атаххар сүгүрүйэр оҥортоотохпуна, Мин эйигин таптыырбын билиэхтэрэ.
Ыраахтааҕы дьаһала, кини ыйааҕа тиийбит хас уобалаһын, хас куоратын ахсын, иудейдар үөрэн-көтөн, өрөйөн-чөрөйөн, малааһын тэрийэллэрэ, бырааһынньык оҥороллоро. Бу дойду норуоттарын үгүс дьоно эмиэ, кинилэртэн куттанан, бэйэлэрин аны иудейдарбыт дэнэр буолбуттара.
Мин кинилэргэ баарбын, Эн Миэхэ бааргын; кинилэр эмиэ эҥкилэ суох биир сомоҕо буоллуннар; Эн Миигин ыыппыккын, итиэннэ Миигин таптыырыҥ курдук, кинилэри таптыыргын бу аан дойду билиэхтин.
Эн бары дьайыыгын, эрэйи-муҥу көрөргүн, дьадаҥыгын (дьиҥэр эн баайгын), иудейдарбыт дэнээччилэр эйигин холуннаралларын билэбин; кинилэр иудейдар буолбатахтар, сатана муспут дьонноро буолаллар.