Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Арыллыы 3:8 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

8 Эн бары дьайыыгын билэбин; көр бу, Мин эйиэхэ ааны тэлэччи астым, ким да бу ааны төттөрү сабар кыаҕа суох; күүһүҥ кыра да буоллар, Мин этэр тылбын тутустуҥ, Мин ааппыттан аккаастамматыҥ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Арыллыы 3:8
25 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Аны тиэрэ тотон, Эйигин билиммэккэ, «Кимий ол Айыы Тойон?» диэн оруо маһы ортотунан тыллаһыам, биитэр, эстэн-быстан, уорар дьаллыкка ыбылы ылларан, Таҥарам аатын киртитиэм.


оттон Миигиттэн дьон иннигэр киэр хайыспыт киһиттэн Кини эмиэ Таҥара Аанньалларын иннилэригэр киэр хайыһыаҕа.


Кулут тойонуттан улахан буолбат диэн эппиппин өйдүү сылдьыҥ. Миигин сойуоласпыт буоллахтарына, эһигини эмиэ сойуолаһыахтара; Мин тылбын толорбут буоллахтарына, эһиги тылгытын эмиэ толоруохтара.


Эн бу дойдуттан Миэхэ биэрбит дьоҥҥор Эн ааккын Мин арыйдым; кинилэр Эйиэннэрэ этилэр, кинилэри Миэхэ Эн биэрбитиҥ, кинилэр Эн тылгын толордулар.


Онно тиийэн сиэркэби түмэн, Таҥара кинилэргэ тугу оҥорбутун, хайдах атын омуктарга итэҕэл аанын тэлэйэн биэрбитин кэпсээбиттэрэ.


манна иннибэр улуукан киэҥ аан тэлэччи аһыллан турар, утарсааччы да баһаам.


Христос туһунан Евангелиены иһитиннэрэ Троадаҕа кэлэн баран, төһө даҕаны Айыы Тойон миэхэ ааны тэлэччи аһан биэрдэр,


Миигин бөҕөргөтөр Иисус Христос көмөтүнэн мин тугу баҕарар тулуйар кыахтаахпын.


Христос кистэлэҥин бар дьоҥҥо иһитиннэрэр кыахтанарбытыгар, этэр тылбытыгар Таҥара ааны тэлэччи аһан биэрэрин көрдөһөн, биһиги туспутугар эмиэ үҥэ сылдьыҥ. Бу туһугар үлэлээбитим-хамнаабытым иһин, мин билигин хаайыллан сытабын;


Бэйэтин дьонугар, чуолаан дьиэлээхтэригэр, кыһаллыбат киһи итэҕэлтэн аккаастанан, төрүт да итэҕэлэ суох киһитээҕэр мөлтүүр.


үтүө туруулаһыынан туруулаһан, сүүрэр түһүмэхпин түмүктээн, биэтэккэ таҕыстым, итэҕэлбин энчирэппэтим.


Былыр-былыргыттан бу Дьүүлгэ анаммыт, Таҥараны билиммэт дьон биһиги кэккэбитигэр биллибэтинэн-көстүбэтинэн өтөн киирдилэр. Кинилэр содур олохторун көмүскэнэн, Таҥарабыт илгэлээх үтүө тапталын токурутан кэпсииллэр, соҕотох Улуу Баһылык Таҥараны, Айыы Тойоммутун Иисус Христоһу, билиммэттэр.


эн бары дьайыыгын билэбин. Төһө да эн сатана бүрүстүөлэ турар сиригэр олордоргун, Мин ааппын түһэн биэрбэтэҕиҥ, бэл эһиэхэ – сатана олорор сиригэр – эрэллээх кэрэһиппин Антипаны өлөрбүт күннэригэр Миэхэ итэҕэлгиттэн аккаастамматаҕыҥ.


Эн бары дьайыыгын, сыралаах үлэҕин, кытаанах тулуургун билэбин; содур дьону кыайан тулуйбаккын, Апостол буолбатах эрээрилэр, Апостолларбыт дэнээччилэри тургутан көрөн, сымыйаларын арыйбыккын эмиэ билэбин.


«Көр бу, Мин сотору кэлиэм: ким бу инникини төлкөлүүр кинигэ тылын тутуһар, ол алгыстаах!»


Сардис сиэркэбин Аанньалыгар суруй: «Таҥара сэттэ тыынын кытта сэттэ сулуһу Тутан Турааччы маннык этэр: эн бары дьайыыгын билэбин – тыыннаах курдук ааттааххын-суоллааххын эрээри, дьиҥэр, өлбүккүн.


Тулуурдаах буол диэн эппиппин толорбутуҥ иһин, сир үрдүгэр олорооччулары барыларын тургутаары, бүтүн аан дойдуга ааҥнаан кэлэр ыарахан кэмҥэ Мин эйигин араҥаччылыам.


эн бары дьайыыгын билэбин: эн тымныыта да, итиитэ да суоххун. Оо, арай тымныы дуу, итии дуу эбитиҥ буоллар!


Филадельфия сиэркэбин Аанньалыгар суруй: «Сибэтиэй, Кырдьыктаах, Давид күлүүһүн тылын Илдьэ Сылдьааччы, (Кини аспытын – ким да сабыа суоҕа, саппытын – ким да аһыа суоҕа) этэр:


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ