17 „Баайбын, дэлэйдик олоробун, аны туохпунан да тутайбаппын“, – дэнэҕин даҕаны, дьиҥэр, дьоло суоххун, муҥнааххын, дьадаҥыгын, хараҕа суоххун, сыгынньаххын билбэккин.
Сорох байымсыйар да, турар бэйэтинэн эрэ, сорох кэриэлийэр да, үбэ-аһа дэлэй.
Аны тиэрэ тотон, Эйигин билиммэккэ, «Кимий ол Айыы Тойон?» диэн оруо маһы ортотунан тыллаһыам, биитэр, эстэн-быстан, уорар дьаллыкка ыбылы ылларан, Таҥарам аатын киртитиэм.
«Таҥара иннигэр дьадаҥыларын өйдөөччүлэр алгыстаахтар: кинилэр аналлара – Халлаан Саарыстыбата.
Иисус итини истэн, эппитэ: «Эмчиккэ өлүөр дьон буолбатах, ыарыһахтар наадыйаллар.
Аччыктарга байылыат олоҕу биэрдэ, баайдары кураанах ыыталаата.
Сор-муҥ күүтэр эһигини баайдары, – эһиги хайыы-үйэ дуоһуйан тураҕыт!
Сөп, үчүгэй. Ол гынан баран кинилэр итэҕэйбэт буоланнар тостон түспүттэрэ, оттон эн итэҕэлгинэн тутуллан тураҕын: онон улаханнык сананыма, хата сэрэнэ сырыт.
Бырааттарыам! Улаханнык санамматыннар диэн, мин эһиэхэ биир кистэлэҥи арыйыахпын баҕарабын: Израиль дьоно быстах эрэ кэмҥэ, омуктар туһааннаах ахсааннара Таҥараҕа кэлиэр эрэ диэри, итэҕэйбэт тыйыс санааламмыттар.
Апостол буолар алгыстаах бырааптаммыт киһи быһыытынан, эһиэхэ барыгытыгар этэбин: бэйэҕитин үрдүктүк санаммат буолуҥ, Таҥара хас биирдиигитигэр биэрбит итэҕэлинэн көрөн сөптөөхтүк сыаналаныҥ.
Оо, сордоох киһибин! Бу өлөр оҥоһуулаах эппиттэн-хааммыттан миигин ким босхолуой?
Оттон кимиэхэ эмэ бу суох буоллаҕына, ол киһи хараҕынан көрбөт биитэр харалҕан кэриэтэ: кини урукку аньыытыттан-харатыттан ырааһырбытын таһы-быһа умнубут.
«Көр бу, Мин уоруйах курдук эмискэ кэлиэҕим. Ким утуйан хаалбатах, таҥнардыы бэлэм сылдьыбыт – ол алгыстаах. Кини сыгынньаҕа көстөн саакка киириэ суоҕа».
Эн бары дьайыыгын, эрэйи-муҥу көрөргүн, дьадаҥыгын (дьиҥэр эн баайгын), иудейдарбыт дэнээччилэр эйигин холуннаралларын билэбин; кинилэр иудейдар буолбатахтар, сатана муспут дьонноро буолаллар.
Ону баара сылааскын эрэ, итиитэ да, тымныыта да суоххун, онон Мин эйигин уоспуттан төлө ыһан таһаарыам.