3 Куоракка аны кыраммыт диэн туох даҕаны суох буолуоҕа; онно Таҥара уонна Бараан Оҕотун бүрүстүөлэ туруоҕа, итиэннэ Таҥара кулуттара Киниэхэ сулууспалыахтара.
„Бэрт сөпкө гыммыккын, итэҕэллээх үтүө үлэһитим! Эн кыраҕа да ситэри итэҕэллээх эбиккин, онон эйиэхэ өссө улаханы итэҕэйиэҕим. Кэл, киир, тойоҥҥун кытта бииргэ үөр-көт“.
Ким Миэхэ сулууспалыыр, ол Миигин батыстын; Мин ханна баарбын да, кини эмиэ онно буолуоҕа; Миэхэ сулууспалыыр киһини Мин Аҕам үрдүктүк тутуоҕа».
Эһиги олорор сиргитин бэлэмнээн баран, эргиллэн кэлиэм, итиэннэ эһиги эмиэ Миигин кытта бииргэ буоларгыт туһугар, эһигини Бэйэбэр ылыам.
Онтон оҕунан ытыалаан, кинилэри ыспыта, чаҕылҕан бөҕөнөн дапсыырдаан, үрүө-тараа ыыппыта.
Ханна да барыыбыт, тулабытыгар сылдьаллар, хара буорга тэпсээри, хас хардыыбытын манаһаллар.
Онтон хаҥас диэки турааччыларга Кини этиэҕэ: „Кыраммыттар, киэр буолуҥ Миигиттэн! Эһиги адьарайга уонна кини аанньалларыгар анаммыт умуллубат уокка киириҥ!
Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр.
Онтон көрбүтүм, арай ким да ситэн аахпат үтүмэн үгүс киһитэ хас биирдии омуктан, биис уустан, норуоттан, тылтан кэлэн бүрүстүөл уонна Бараан Оҕотун иннигэр маҥан таҥаһы таҥнан, пальма лабааларын тутан тураллара.
Кинилэр: «Бүрүстүөлгэ олорор Таҥарабыт уонна Бараан Оҕото биһигини быыһаатылар!» – диир дуорааннаах саҥалара ньиргийэн иһиллэрэ.
Таҥара кэрэмэн килбиэнин Кини көрдөрбүт эбит буоллаҕына, бэрт сотору Таҥара эмиэ Кини килбиэнин көрдөрүөҕэ.