Маны Мин эһиэхэ, эһиги Миигинниин биир буолан, эйэҕэ тиксэргит туһугар, эттим. Бу дойдуга эһиги эрэйи көрүөххүт, ол эрээри эрдийиҥ: Мин бу аан дойдуну баһыйдым».
Аҕалар, мин эһиэхэ суруйабын: эһиги аан бастааҥҥыттан Баары билбиккит. Эдэрдэр, мин эһиэхэ суруйабын: эһиги хара дьайдааҕы кыайбыккыт. Эрдэҕэс оҕолор, мин эһиэхэ суруйабын: эһиги Аҕаны биллигит.