Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Арыллыы 19:4 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

4 Онуоха сүүрбэ ордугуна түөрт ытык кырдьаҕас уонна түөрт харамай сөһүргэстии түһэн: «Аминь! Аллилуйя!» – дии-дии, бүрүстүөлүгэр олорор Таҥараҕа сүгүрүйбүттэрэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Арыллыы 19:4
20 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

онон дойдуларын ото-маһа барыта кэрбэнэн бүппүтэ, буолактарын бурдугуттан туох да орпотоҕо.


Хайдах курдук эмискэ имнэри эһиннилэр, хайдах курдук уолуйан, суола суох сүттүлэр!


эһиэхэ тугу соруйбуппун барытын толорорго үөрэтиҥ. Оттон Мин, үйэ бараныар диэри, өрүү эһигинниин бииргэ буолуом». Аминь.


уонна, аньыы угаайытыгар киллэрбэккэ, биһигини хара дьайдаахтан быыһаа. Эн Саарыстыбаҥ, Эн күүһүҥ-күдэҕиҥ уонна албан аатыҥ үйэттэн үйэлэр тухары муҥура суох эбээт. Аминь“.


Тоҕо диэтэххэ, эн Таҥараҕа ис тыыҥҥынан эрэ махтанар буоллаххына, аттыгар турар көннөрү киһи эн махтал тылгар хайдах «аминь» диэн этиэҕэй? Эн туох дииргин кини өйдөөбөт эбээт.


Онуоха түөрт харамайтан биирдэстэрэ үйэлэр тухары баар Таҥара уора-кылына толору кутуллубут сэттэ кыһыл көмүс кытаҕын кинилэргэ туттарбыта.


Бу кэнниттэн халлааҥҥа үтүмэн үгүс киһи саҥатын санатар ньиргиэрдээх саҥа дуораана иһиллибитэ: «Аллилуйя! Таҥарабыт биһигини быыһаата! Кини албан ааттаах, сүҥкэн күүстээх!


Иккистээн эмиэ: «Аллилуйя! Содур дьахтар умайбыт уотун буруота үйэлэр тухары өрө устар!» – диэбиттэрэ.


Онуоха дохсун уу тыаһыгар, күүстээх этиҥ ньиргиэригэр холоонноох үтүмэн үгүс киһини санатар саҥаны истибитим: «Аллилуйя! Айыы Тойон Таҥара, Барытын Тутан Олорооччу салайар кэмэ кэллэ!


Түөрт харамай эмиэ «Аминь!» дэспитэ, сүүрбэ ордугуна түөрт ытык кырдьаҕас сөһүргэстии түһэн үйэлэр тухары Тыыннаахха сүгүрүйбүтэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ