Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Арыллыы 18:9 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

9 Кинини кытта көссүүлэспит, баайга-дуолга бииргэ көччүйбүт сир ыраахтааҕылара кини умайбыт уотун күдэн буруотун көрөннөр аһыйан ытаһыахтара-соҥоһуохтара, айманыахтара,

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Арыллыы 18:9
24 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Оо, мин күүһүм-тирэҕим! Эйигин мин кэтэһэбин, Эн буолаҕын, Айыы Таҥара, мин кириэппэһим.


Эдэр огдооболору испииһэккэ киллэримэ, олор эт-хаан имэҥэр бэринэн, Христостан тэйэн эргэ тахсыахтарын баҕараллар.


кинилэр сордонор күдэн буруолара үйэттэн үйэлэргэ өрө уста туруоҕа; кыылга уонна кини мөссүөнүгэр сүгүрүйээччилэр, кыыл аатын бэлиэтин ылынааччылар күнүһүн да, түүнүн да уоскулаҥ диэни билиэхтэрэ суоҕа».


Сир ыраахтааҕылара кинилиин көссүүлэһэллэрэ, сир олохтоохторо кини содур олоҕун арыгытын итириэхтэригэр диэри иһэллэрэ».


кини умайар уотун буруотун көрө-көрө: «Хайа куорат бу улуу куоракка тэҥнэһиэ баарай!» – диэн айманаллара;


Үөр-көт, мэҥэ Халлаан, үөрүҥ-көтүҥ, сибэтиэй Апостоллар уонна пророктар! Эһигини утары оҥорбут бары буруйун иһин кини Таҥара дьүүлүгэр турда.


кини хаһан эрэ бары норуоттарга содур олоҕун уохтаах утаҕын иһэрдибитэ, сир ыраахтааҕылара кинилиин көссүүлэһэн көччүйбүттэрэ, сир-дойду эргиэмсиктэрэ кини улуу баайыттан ылан, эргинэн тиэрэ байбыттара».


Сарыысса буолан олоробун, огдообо буолбатахпын, сору-муҥу хаһан да көрүөм суоҕа дии саныыр. Онон төһөнөн аатырбытай-сураҕырбытай да, төһөнөн баай-дэлэй олоххо көччүйбүтэй да, соччонон үгүс сорго-муҥҥа, кыһалҕаҕа тиксэриҥ.


Иккистээн эмиэ: «Аллилуйя! Содур дьахтар умайбыт уотун буруота үйэлэр тухары өрө устар!» – диэбиттэрэ.


Онон кинини ыарыһах гынан, ороҥҥо-тэллэххэ быраҕыам, оттон аньыыны оҥорсубут дьонун, кини содур дьайыыларыттан тэйбэтэхтэринэ, улуу кутурҕаҥҥа тиксэриэм.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ