Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Арыллыы 18:3 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

3 кини хаһан эрэ бары норуоттарга содур олоҕун уохтаах утаҕын иһэрдибитэ, сир ыраахтааҕылара кинилиин көссүүлэһэн көччүйбүттэрэ, сир-дойду эргиэмсиктэрэ кини улуу баайыттан ылан, эргинэн тиэрэ байбыттара».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Арыллыы 18:3
17 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Тугу көрө бара сылдьыбыккытый? Мааны таҥаска сууламмыт киһини көрөөрү дуо? Баайдык таҥнааччылар, дэлэгэй олохтоохтор дыбарыаска олороллор.


Эдэр огдооболору испииһэккэ киллэримэ, олор эт-хаан имэҥэр бэринэн, Христостан тэйэн эргэ тахсыахтарын баҕараллар.


Атын Аанньал кинини батыһан иһэн: «Содур олоҕун уохтаах арыгытынан бары омукка айах туппут улуу куорат Вавилон суулунна, суулунна!» – диэн саҥара иһэрэ.


Сир ыраахтааҕылара кинилиин көссүүлэһэллэрэ, сир олохтоохторо кини содур олоҕун арыгытын итириэхтэригэр диэри иһэллэрэ».


төбөлөрүгэр күлү куттан баран энэлийэ-энэлийэ, марылаччы ытыы-ытыы үөгүлэһэллэрэ: «Оо, сор-муҥ, сор-муҥ да буолар эбит эйиэхэ, улуу куорат! Муораҕа хараабыллаах эрэ барыта эн баайгынан эргинэн байбыта! Ол бэйэҥ биир чаас иһигэр кураанахтанныҥ!»


Аны эйиэхэ сибэтиилинньик сырдыга сандаарыа суоҕа; күтүөт да, сүктэр кыыс да саҥата иһиллиэ суоҕа. Ол тоҕо оннугуй диэтэххинэ, эн эргиэмсиктэриҥ аан дойду улуу сололоохторо буолбуттара, норуот эрэ барыта эн алыпкар албыннатан муммута.


Сарыысса буолан олоробун, огдообо буолбатахпын, сору-муҥу хаһан да көрүөм суоҕа дии саныыр. Онон төһөнөн аатырбытай-сураҕырбытай да, төһөнөн баай-дэлэй олоххо көччүйбүтэй да, соччонон үгүс сорго-муҥҥа, кыһалҕаҕа тиксэриҥ.


Кинини кытта көссүүлэспит, баайга-дуолга бииргэ көччүйбүт сир ыраахтааҕылара кини умайбыт уотун күдэн буруотун көрөннөр аһыйан ытаһыахтара-соҥоһуохтара, айманыахтара,


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ