1 Бу кэнниттэн сүдү былаастаах атын Аанньал халлаантан түһэн иһэрин көрбүтүм. Кини килбиэннээх сырдыгыттан сир үрдэ сандаара түспүтэ.
Киһи Уола Бэйэтин күнүгэр, чаҕылҕан халлаан биир уһугар чаҕылыс гыннаҕына, халлаан атын уһугар тиийэ сандаарарын курдук буолуоҕа.
Таҥара килбиэннээх сырдыга сыдьаайар буолан куорат күн да, ый да сырдатарыгар наадыйбат; куорат сыдьаайар сырдыга – Бараан Оҕото.
Онтон сэттэ кытахтаах сэттэ Аанньалтан биирдэстэрэ кэлэн миэхэ эппитэ: «Кэл, эйиэхэ элбэх ууга олорор улуу содур дьахтар дьүүллэнэрин көрдөрүөм.
Онтон күүстээх атын Аанньал былыкка сууланан, халлаантан түһэн иһэрин көрбүтүм; төбөтүн иилии кустук оонньуура, сирэйэ күн курдук күлүмүрдүүрэ, икки атаҕа икки уот баҕана курдуга;
Хара дьайдаах киһи кимэ-туга дьэ оччоҕо биллиэҕэ. Айыы Тойон Иисус кэлэн, кинини уоһун илгиэринэн самнарыа, килбиэннээх сыдьаайынан суох оҥоруо.
«Тоҕо дьиктиргиигин? – диэбитэ Аанньал. – Мин эйиэхэ ити дьахтар уонна кини миинэ сылдьар сэттэ төбөлөөх, уон муостаах кыылын кистэлэҥин этиэм.